🌷Далбар Хотун🌷
4.14K subscribers
1.58K photos
393 videos
1 file
349 links
Дьахталларга аналлаах культурологическай общественнай-политическай сурунаал
Сурунаалга онлайн сурутуу ссылката: https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%A0842
Download Telegram
*“ДАЛБАР ХОТУН” КҮРЭС КЫНАТТААБЫТА*

Сөбүлээн ааҕар *“Далбар Хотун”* сурунаалым үбүлүөйдээх сылынан, 2007 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи “Далбар Хотун” бастакы күрэһигэр кыттыбытым туһунан кылгастык ахтан аһарыахпын баҕарабын.

Онтон бэттэх номнуо сүүрбэччэ сыл ааһа охсубут эбит. Тыйаатыр киэҥ-куоҥ сыанатыгар тахсаары долгуйбуппун күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. Оччолорго Сахабыт сирин араас муннугуттан 16 далбар хотун “күөн көрсүбүппүт”. Күн бүгүҥҥэ диэри күннээҕи сонуммутун, оҕолорбут, сиэннэрбит ситиһиилэрин үллэстэ, ситиммитин быспакка сылдьабыт.

Бастакы күрэс кыайыылааҕынан Хаҥалас улууһун далбар хотуна Лидия Афанасьева буолбута. Оттон мин Иннокентий Тарбаахаптан *“Сандалы Хотун”* диэн анал ааты ылбытым. Мантан кынаттанан араас таһымнаах куоҥкурустарга кыттан дьоһун ситиһиилэммитим. Олортон 2005, 2015 сылларга Саха АССР ас-үөл промышленноһын үтүөлээх үлэһитэ Роман Афанасьев кэриэһигэр ыытыллыбыт, *“Доруобай ас – доруобай дьиэ кэргэн”, “Убаһа этэ - доруобуйа төрдө”* диэн күрэстэргэ кыттан, Иннокентий Тарбаахап улахан сыанабылын ылан, кыайыы өрөгөйүн билбиппит. Ол курдук, бүтүн дьиэ кэргэнинэн саха аһын, чөл олоҕу өрө тутабыт.

Быйыл Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгэр Иннокентий Тарбаахап 80 сааһын бэлиэтиир дьоро күнүгэр, ыҥырыылаах ыалдьыт буолан сылдьыбыппыттан олус үөрэбин. Түгэнинэн туһанан, саха төрүт аһын аан дойдуга таһаарбыт, сахалар киэн туттар ытык киһибитин, Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахабы уонна тапталлаах сурунаалым айар кэллэктиибин “Далбар Хотун” 30 сыллаах үбүлүөйүнэн ис-сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Айар үлэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр, тус олоххутугар дьолу, доруобуйаны, туох баар үтүөнү баҕарабын.

*Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү уонна Араҥас нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, “Сандалы Хотун – 2007” номинация хаһаайката Екатерина Васильевна Михайлова (хаартыскаҕа иккис эрээккэ уҥаттан бастакы турар)*.

Бассаапка бөлөхпүт ➡️ https://chat.whatsapp.com/DoB4AsR8iw0L0l4k1wYj4z

Телеграмҥа ханаалбыт➡️https://t.me/dalbarxotyn
😔“Арай биирдэ дьикти баҕайы түүлүү түүһээтим: наһаа үчүгэй корзиналаахпын. Толоон устун хаама сылдьаммын корзинабар дьон илиитин, атаҕын хомуйабын уонна ону илдьэммин: “Сөп түбэһэр дуу, суох дуу?”, — дии диибин илиитэ, атаҕа суох дьоҥҥо биир-биир сыһыары тутан олордобун. Ол кэнниттэн тэлэбиисэри холбоон истибитим дойду үрдүнэн анал байыаннай дьайыы саҕаламмыт,быстах хомуур биллэриллибит эбит.

☀️Сахалыы мындыр көрүүтүнэн, санаатын күүһүнэн, сырдыкка талаһыытынан холобур буолар, кыһалҕалаахтарга үгүс үтүөнү оҥоро сылдьар *Вера Петровна Душкевич*, буола турар байыаннай дьайыыга үлэтин туһунан сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ ➡️

https://dalbarhotyn.ru/dalbar-olboh/ajmah-don-b%d3%a9%d2%95%d3%a9h-turuktara-buojun-haly%d2%a5-kuja%d2%95a/
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Тапталлаах сурунаалгытыгар табыгастаахтык сурутуҥ, доҕоттор! 🌸🌸🌸
👻*ҮӨР БУОЛБУТ ИЙЭ*👻

Оҕо сылдьан ол-бу араас иччи, сибиэн, абааһы туһунан кэпсээннэртэн куттамматах киһи суоҕа буолуо. Сир түннүгэ таайбыттан ыххайан кэриэтэ итинник түбэлтэлэри кэпсэтэн сордооччубун. Биирдэ манныгы кэпсээбитэ: оччолорго уончалаах уолчаан төрөппүттэрин, убайын кытары тэйиччи тыаҕа отоннуу барбыттар. Киэһэлик урукку үүтээни булан, оһохторун оттон, сирдэрин-уоттарын аһатан, сылайбыт дьон сиэринэн, утуйардыы сыппыттар. Түүн үөһүгэр таайым хабаҕыран таһырдьа көҕүрэттэ тахсыбыт. Сири инчэтэн баран үүтээҥҥэ киирэн иһэн, кэннигэр киһи сөтөллөрүн истибит. Өр толкуйдуу барбакка үүтээҥҥэ сүүрэн киирэн, түргэн үлүгэрдик ааны хатаабыт уонна аҕатын хоонньугар дьылыс гынан хаалбыт. Аҕата ити кэмҥэ уһуктаҕас буолан, киһи сөтөллөрүн эмиэ истибит. Дьэ уонна бүтүннүү кулгаах, харах буолан иһиллии сыппыттар. Били күтүрдэрэ үүтээни тула эргийэ сылдьан тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу хаста да ааны тардыалаан баран иһийэн хаалбыт. Сарсыарда тураат саҥата-иҥэтэ суох хомунан дьиэлээбиттэр. Дойдуларын булан дьэ уоскуйбуттар. Ити түбэлтэ умнуллубутун кэннэ аҕалара булчуттарга кэпсээбит. Онно биир кырдьаҕас булчут манныгы сэһэргээбит: урут ааспыт үйэлэргэ биир бириэмэҕэ Саха сиригэр араҥ ыарыыта тура сылдьыбыт. Бу дойдуну эмиэ тумнубатах. Онно биир икки оҕолоох эдэр ыал ыалдьыбыттар. Ол иһин, кинилэри дьонтон ыраах түҥ тыаҕа көһөрбүттэр. Ыаллар син олорбуттар да, ыарыы ыар тыына дьыалатын оҥорбут. Бастаан аҕалара быстыбыт, онтон уон биэстээх уоллара өлбүт. Ийэлэрэ барахсан уончалаах уолун кытары иккиэйэҕин хаалбыттар. Астара-үөллэрэ бүппүт, бүтүннүү баас, ымынах буолбут дьон ханна ыраатыахтарай? Дьахтар маннык эрэйдэнэн өлөртөн саллан, киһилии да көмүллүө суохпут диэн хараастар буолбут. Ол иһин, түүн уола утуйа сыттаҕына, уолун быһаҕынан анньан өлөрөн кэбиспит. Бэйэтэ балаҕаҥҥа киирэн бэйэтигэр тиийиммит. Кэлин аймахтара санаалара буолбакка, сыл курдугунан олоро сылдьыбыт сирдэригэр тиийэн ол дьону кистээбиттэр уонна балаҕаны уоттаан кэбиспиттэр. Сыл-хонук ааспытын кэннэ, бу бултаах-алтаах, балыктаах дойдуга, ол балаҕан чугаһынан булчуттар үүтээн туттубуттар. «Биирдэ эмэ ытаабыт-соҥообут дьахтар биллэн ааһааччы» диэн кэпсииллэр эбит. Бу сырыыга эмиэ кинилэр курдук икки уол оҕолоох ыал отоннуу кэлбиттэрин сэҥээрбитэ буолуо диэн сылыктыыллар. Онтон ыла ити сиргэ сылдьа иликпин диэн таайым кэпсээнин түмүктээбитэ.

"Вконтакте" баар "Иччилээх кэпсээннэр" бөлөхтөн.
2025 сылга оҕоҕо босуобуйа кээмэйэ төһө буолуой?

Оҕолоругар босуобуйаны кыра дохуоттаах дьиэ кэргэн уонна 12 ыйдарыгар диэри олохтоох поликлиникаларыгар учуокка турбут хат дьахталлар ылаллар.

Босуобуйа 50, 75 уонна 100% өрөспүүбүлүкэтээҕи олох олоруу алын кээмэйигэр тэҥнээх буолар.

👶🏻 Оҕоҕо босуобуйа кээмэйэ (1 ЗОНА/2 ЗОНА)

Олох олоруу алын кээмэйиттэн 100% – 30 390 солк./25 455 солк.
Олох олоруу алын кээмэйиттэн 75 % – 22 792 солк./ 19 091 солк.
Олох олоруу алын кээмэйиттэн 50% – 15 345 солк./ 12 727 солк.

🤰🏻 Оҕо күүтэр дьахталларга (1 ЗОНА/2 ЗОНА)

Олох олоруу алын кээмэйиттэн 100% – 34 149 солк. / 28 603 солк.
Олох олоруу алын кээмэйиттэн 75 % –25 611, 75 солк. / 21 452, 25 солк.
Олох олоруу алын кээмэйиттэн 50% –17 074, 05 солк. / 14 301, 05 солк.

https://www.gosuslugi.ru/10630/1/form
🌷 *“ДАЛБАР ХОТУН”* сурунаал
өрөспүүбүлүкэтээҕи кулуубугар ыҥырар🙌

*БАЛАҺЫАННЬАТА*

1️⃣ *Сыала-соруга*

*1.1.* “Далбар Хотун” сурунаал отут сыл устата өрүү бииргэ буолар, санаа атастаһар, сүбэни-соргуну холбуур ааҕааччы дьүөгэлэрин, редколлегиятын чилиэннэрин, ону кытта 14 төгүлүн ыытыллыбыт “Далбар Хотун” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс бары кыттааччыларын уонна кулууп сыалын-соругун үллэстэр саҥа дьүөгэлэри холбоон, “Далбар Хотун” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи кулууп тэриллэр.

*1.2.* Кулуупка сааһыттан хааччаҕа суох сурунаал сурутааччылара киирэллэр (баҕалаахтар бу сигэнэн https://podpiska.pochta.ru/press/ПР842 эбэтэр үлэ кэмигэр эрэдээксийэ нүөмэригэр 8914-252-02-54 билсэн, "Далбар Хотун" сурунаалы 2025 сылга толору сурутуохтарын наада. "Онлайн" суруппуттар бу нүөмэргэ ааккытын-суолгутун, суруппут чиэккитин ыытаргыт булгуччулаах).

*1.3.* “Далбар Хотун” кулууп уопсастыбаннай дьахтар түмсүүтэ дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар дьаһалларга кыттар.

*1.4.* Араас түгэн тахсар түбэлтэтигэр санаатын этэр.

*1.5.* Элбэх оҕолоох, толорута суох ыал кыһалҕатын судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ тахсан, быһаарарга көмөлөһөр.

*1.6.* Сылга биирдэ сирэй көрсөн, уһулуччу суолталаах тиэмэ тула кэпсэтэр, мэктиэ таһааран, дьоҥҥо билиһиннэрэр.

*1.7.* Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьахтар кэмитиэтин, "Россия ийэлэрэ" хамсааһыны кытта бииргэ үлэлиир.

*1.8*. “Далбар Хотун” күрэскэ кыттар дьүөгэлэргэ көмө буолар.

*1.9.* Кулууп чилиэннэрэ ыйга биирдэ араас тиэмэнэн сирэй көрсөн эбэтэр "онлайн" араас маастар-кылаастары тэрийэллэр.

*1.10.* Кулууп олох очуругар оҕустарбыт дьахтарга аналлаах социальнай кииннэри кытта үлэлээн көмөлөһөр.

*1.11.* Уопуттаах ийэлэр эдэр ийэлэргэ сүбэ-соргу буолаллар.

*1.12.* Араас улуустарга, нэһилиэктэргэ “Далбар Хотун” сурунаал күннэрин ыытыыга быһаччы кытталлар.

2️⃣ *Кулууп чилиэннэрин бырааба*

*2.1.* Кулууп чилиэннэрэ сурунаалга ураты дьоҕурдаах, сэдэх дьылҕалаах далбар, эбэтэр дьоһун-мааны ыал туһунан матырыйааллары көҕүлээн, сурунаал суруналыыстарын көмөтүнэн таһааттараллар.

*2.2.* Сурунаалы кытта үлэлэһэр маҕаһыыннар, хампаанньалар кулууп чилиэннэригэр анал чэпчэтии көрөллөр.

*2.3.* Кулууп чилиэннэрэ миэстэтигэр баар кыһалҕаны, тиэмэни көтөҕөр бырааптаахтар.

3️⃣ *Үлэлиир болдьоҕо*

*3.1.* ”Далбар Хотун” кулууп сурунаал 30 сылыгар анаан, 2024 сылтан тэриллэр.

*3.2.* Кулууп “Далбар Хотун” сурунаал арахсыспат аргыһа буолан, сурунаал тахсарын устата үлэлиир.

4️⃣ *Балаһыанньаҕа саҥа пууннар, этиилэр, уларыйыылар киириэхтэрин сөп*
🌞 Анастасия Варламова ырыатынан аҕатын алааһын үйэтиппит Лэбийэ алааһын күөлэ сылын ахсын дьонун-сэргэтин эмис соболорунан күндүлүүр.
🌞 Мэҥэ Хаҥалас Баатара нэһилиэгин олохтоохторо үгэс буолбут муҥхаларыгар баһаам хатырыктаах киирбит.

🌞 «Мин санаабар, алаас — бу саха киһитин хорук тымыра, тэбэр сүрэҕин тэтимэ, бу — биһиэхэ түҥ былыргыттан кэлбит, биһиги күлүүспүт, кэскилбит!» — диэн этэн турардаах ытык киһибит Анастасия Варламова.
Горнай улууһун Маҕараһын күн күбэй ийэлэрэ "Сандаара" диэн айар түмсүүлээхтэр. Салайааччылара Жоржетта Текеянова араас тэрээһиннэри иилиир-саҕалыыр. Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр анаан араас омук көстүүмүн кэтэн хаартыскаҕа түспүттэрин көрөҕүт👏🏻👏🏻👏🏻
💟💟💟*"Далбар Хотун" сурунаалтан нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 4-10 күннэрэ)*

♈️ХОЙ

Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар түргэн туттууну-хаптыыны, толкуйу ирдиир соһуччу түгэннэр буолуохтара. Маннык "экстремальнай" түгэҥҥэ уолуйбакка, ыксаабакка анаалыстыыр үөрүйэххин. Онон бу да сырыыга дьыаланы быһаарар кыахтааххын. Ону таһынан, бу күннэргэ иччилээх түүллэри көрүөххүн сөп. Харчы “өлөрөргө” табыгастаах кэм. Ону мүччү туппаккар сулустар сүбэлииллэр.

♉️ОҔУС

Эрдэ таптыыр киһигин хомоппут буоллаххына, бырастыы көрдөһөргө тоҕоостоох күн-дьыл үүммүт. Эбэтэр бииргэ үлэлиир партнергун, кэллиэгэҕин кытта уустук сыһыаҥҥытын тупсарарга бэртээхэй кэм. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар суолга-иискэ сэрэхтээх буоларыҥ ирдэнэр. Күрэхтэһиилэргэ эҥин кытта сатаама, эчэйии ылыаххын сөп диэн сулустар сэрэтэллэр.

♊️ИГИРЭЛЭР

Үлэҕэр үрдүк ситиһиилэр күүтэллэр. Сорохтор дуоһунастара эбэтэр хамнастара үрдүөн сөп. Түбүктээх үлэҕиттэн быыс булан спордунан дьарыктанаргын умнума. Оттон спортан тэйиччи дьон бастаан хааман эбэтэр бассыайыҥҥа сылдьан саҕалыырга сөптөөх кэм үүммүт.

♋️АРААК

Бу нэдиэлэҕэ сыанаҕа тахсан айар талааҥҥын көрдөрөр кыахтаммыккын. Онтон олох санаарҕаамаҥа, долгуйумаҥ. Баҕарбытыҥ курдук санаа хоту ааһыаҕа. Дьон-сэргэ олус сөбүлүөҕэ, астыныаҕа. Бэйэҥ эмиэ тыйаатырга, кэнсиэргэ сырыт. Өйдөө, эн маннык эйгэттэн күүс-уох ылар кэмиҥ үүммүт.

♌️ХАХАЙ

Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар аймахтаргын кытта истиҥ көрсүһүү күүтэр. Ону таһынан, дьиэни-уоту саҥардарга, өрөмүөннүүргэ бэртээхэй кэм үүммүт. Аймахтарыҥ соһуччу харчынан көмө оҥоруохтара. Өрөмүөнтэн сылтаан кэргэҥҥин кытта өйдөспөт түгэннэр үөскүөхтэрин сөп диэн сулустар сэрэтэллэр.

♍️КЫЫС

Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар үлэҕэр ситиһии күүтэр. Тус олоххор, дьиэ кэргэҥҥэр сыһыаныҥ өссө бөҕөргүө. Бу нэдиэлэҕэ уруккуттан соһо сылдьыбыт дьыалаҕын, ситэ илик докумуоннаргын тиһэҕэр тиэрдэр кэм кэлбит. Өрөбүллэргэ доҕотторгун кытта киинэҕэ эҥин сылдьан сынньан диэн сулустар сүбэлииллэр.

♎️ЫЙААҺЫН

Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар үп-харчы боппуруостара кэбэҕэстик быһаарыллыахтара. Доруобуйаҕар болҕомто ууран эрчиллэр саалаҕа, бассыайыҥҥа сылдьан саҕалыырга эбэтэр тымныы ууну кутта үөрэнэргэ табыгастаах кэм. Оттон нэдиэлэ бүтүүтэ былааннаабыт дьыалаҥ табыллымыан сөп. Онтон аһара кыыһырбаккар, ньиэрбэҕин харыстыыргар сулустар сүбэлииллэр.

♏️СКОРПИОН

Олоххор туох эрэ саҥаны, уратыны киллэрэргэ тоҕоостоох кэм үүммүт. Сулумахтар таптал ситиҥ сыһыаныгар куустарыахтара эбэтэр бастакы тапталларын көрсүөхтэрэ. Ону таһынан, айар үлэнэн, спордунан дьарыктанарга табыгастаах. Нэдиэлэ бүтүүтэ үчүгэйдик толкуйдаабакка эрэ соччо наадата суох малы-салы атыылаһыаххын сөп.

♐️ОХЧУТ

Духуобунай эйгэнэн, холобур, йоганан, цигунунан, мантры ыллыырга дьарыктанан саҕалыырга тоҕоостоох кэм үүммүт. Ол иһин, соҕотохсуйуоххун баҕарыаҥ. Ону таһынан, ыалдьыттары көрсөргө эбэтэр ыалдьыттыы барарга бэлэм буолаар. Аймахтары кытта көрсөргө табыгастаах күннэр.

♑️ЧУБУКУ

Ыра санааларгын олоххо киллэрэргэ, инникини былаанныырга табыгастаах нэдиэлэ үүммүт. Бу күннэргэ биир саамай улахан баҕа санааҥ туолар кыахтаах. Урут чугастык доҕордоһо сылдьыбыт киһигин көрсүөххүн сөп. Онон чугас доҕоттору кытта айылҕаҕа тахсан сынньанарга эбэтэр ыраах айаҥҥа турунарга олус үчүгэй кэм.

♒️КҮРҮЛГЭН

Үлэһит дьону ситиһии күүтэр. Үп-харчы кэлиитэ бигэ буолуоҕа, онон бэйэҕэр эрэлиҥ күүһүрүөҕэ. Онон урукку-хойукку иэстэртэн төлөрүйэр кэм кэлбит. Ону таһынан, баҕалаах маастар-кылаастарга сылдьан сатабылгын сайыннар диэн сулустар сүбэлииллэр. Бу күннэргэ доҕотторугун кытта көрсө сатаама, тоҕо диэтэххэ, кинилэри кытта өйдөспөт буолуу тахсыан сөп.

♓️БАЛЫК

Спордунан дьарыктанан саҕалыырга табыгастаах нэдиэлэ үүммүт. Ол эрэн, үлэҕэ-хамнаска соччо табыллыы суохха дылы. Бу нэдиэлэҕэ ордук бэйэҥ ис туруккар уонна дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтоҕун уур. Барыыны-кэлиини, айаны тохтоторуҥ ордук. Саҥа саҕалааһыҥҥа эмиэ табыгаһа суох кэм үүммүт.

Сурунаал саҥа саайта⏩️⏩️⏩️ dalbarhotyn.ru

Бассаапка бөлөҕө ⏩️⏩️⏩️https://chat.whatsapp.com/DoB4AsR8iw0L0l4k1wYj4z

Телеграмҥа ханаала⏩️⏩️⏩️https://t.me/dalbarxotyn
Ыраах дойдуга, өлүү-тиллии икки ардыгар сылдьар буойуттарбытыгар бу курдук Ийэ алгыһа буолар хоһоонун аныыр норуодунай бэйиэппит *Наталья Харлампьева*. Кини бу хоһоонун долгуйан туран аахпыта, ылыммыта, салгыы ийэлэргэ ыыппыта биһиги сурунаалбыт дьүөгэтэ, суруналыыс *Светлана Диодорова*. Кини оҕотун быыһыырга туруммут Ийэ чаҕылхай уобараһа. Светланаҕа, кини уолугар, дьиэ кэргэнигэр баҕарыаҕыҥ этэҥҥэ буолууну! 🙌🏻🙌🏻🙌🏻☀️☀️☀️🙏🏻🙏🏻🙏🏻

ТӨННӨӨР
🙌🏻🙌🏻🙌🏻
Арҕааттан аргыйар холоруктар хоонньуларыгар,
Кэм-кэрдии кыһарҕаннаах кыбычааныгар,
Адьарай аймаҕын уодаһыннаах угаайытыгар,
Кырдьык уонна сымыйа охсуһуутугар,
Олох, өлүү, таптал, таҥнарыы
Оргуйар уоттаах олгуйугар
Оҥостон туран аттанныҥ...

Хара тыаларыҥ хаһыытыы хааллылар –
Төннөөр,🙌🏻
Чараас чараҥнарын суугунаан ыллылар –
Төннөөр,🙌🏻
Өбүгэҥ өтөҕө сөҥүөрэ чуумпурда –
Төннөөр, 🙌🏻
Таптыыр кыыһыҥ сымыһаҕын ытырда –
Төннөөр!🙌🏻
❤️❤️❤️
“Сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күннэрэ”... 🚩🚩🚩
Бүгүн үгэс курдук аҕам саастаах дьоммут бу күн тахсан, олохторун аргыһа буолбут кытыастар кыһыл былаах 🚩тутуурдаах Ленин проспегын тротуарын устун “ураа” хаһыылаах хаамса түстүлэр. Биһиги төрөппүттэрбит көлүөнэ дьонун ытыктаан, бэйэбит оҕо, эдэр сааспытын сылаастык санаан, үөрэ-көтө мустубут дьону хаартыскаҕа түһэрдибит. “Мин 19 сааспыттан хомуньууспун, партиялаах буоламмын үлэ үөһүгэр сылдьыбытым. Бу олорон ааспыт олохпут кэрэ-бэлиэ күнэ этэ. Ол кэммитин санаан, ахтан бу кэллибит”, - диир куорат олохтооҕо *Антонина Степанова*.
Ону кытта, бу далбар хотуну көрүҥ, хайдах курдук кэрэтик, сахалыы таҥнан-симэнэн кэлбитин! Бу күн үгэс курдук ыал аайы бирэски астаныа, муорус оргуйуо. Оҕо сааспытыгар курдук...🥰
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
*"Далбар Хотун"* сурунаал саҥа сайтын dalbarhotyn.ru киирэн көрүҥ, сэргээҥ 🙌

📌Саҥа сайпыт техническэй өттүнэн саҥардылынна
📌Тас көстүүтэ, хаартыскалар хаачыстыбалара тубуста
📌Ааҕарга судургу буолла
📌Ааҕааччы суотабай төлөпүөнүнэн көрөрүгэр анаан оҥоһулунна
📌Тас көстүүтэ сурунаалы кытта дьүөрэлэстэ
📌Тахсыбыт матырыйааллары көрдөөн буларга судургу буолла
📌Сурунаал 2022 сылга диэри тахсыбыт нүөмэрдэрэ барыта "Архыыпка" киирдилэр
📌Сурунаал бассаапка уонна телеграмҥа баар бөлөҕөр быһа киириэххэ уонна куар-куод көмөтүнэн суруттарыахха сөп буолла.
🐟🐟🐟Сахаларга урут-уруккуттан үгэс буолан кэлбит муус аннынан балыктааһын – муҥхалааһын саҕаланна. Өбүгэлэрбит балыктыылларыгар эҥин эгэлгэ булт тэриллэринэн тутталлара, оттон үгүстэрэ баччааҥҥа диэри сүппэккэ-симэлийбэккэ үлэни-хамнаһы чэпчэтэн, туһалаан кэллилэр. Бүгүн эһиэхэ муҥха тэриллэрин билиһиннэрэбит.

Ulus.media.ru сайтан