Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.33K photos
247 videos
657 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт аһымал концертка Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Концертка киирбит үп анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө фондаҕа туттарыллар.

Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията быйыл үһүс төгүлүн гуманитарнай сырыыннан биир дойдулаах байыастарбытын көрсө ДНР, ЛНР, Запорожье уобалаһыгар барарбыт былааннанар.

Улууспут бары олохтоохторо кыайыы туһугар кылааттарын киллэрэн, гуманитарнай көмөнү хомуйарга көхтөөхтүк кытталлар.

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ муҥха былыгын ыһаарылаан бэлэмнээтилэр. Ыһаарыламмыт соболор тоҥоруллан, баһыылкалар барарга бэлэмнэр.
Ону сэргэ, бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга көмө оҥорор сыаллаах атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Дьаарбаҥкаҕа киирбит үп байыастарга көмө оҥорорго ананыаҕа.

Бары бииргэ - Кыайыы туһугар!

#СВОихНеБросаем
#ВсеДляПобеды
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev
Бүгүн, сэтинньи 9 күнүгэр Кэнтик нэһилиэгэр бэлиэ күн үүннэ. Ол курдук, Кэнтик нэһилиэгин үгүс олохтоохторун эрэлин ылан быыбарга кыайбыт Сергей Петрович Федотов дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.

Үгэс быһыытынан, саҥа баһылыкка түөскэ кэтэр анал бэлиэни кэтэртим.

Төрөөбүт дойдум - Кэнтигим сайдарын туһугар бэриниилээхтик 11 сыл устата үлэлээн, хамаанданнан элбэҕи ситиспиппит. Сергей Петрович Кэнтик дьаһалтатыгар өр сылларга землеустроитель дуоһунаһыгар үлэлээн, нэһилиэк кыһалҕатын, күннээҕи үлэтин билэр-көрөр, уопуттаах киһи быһыытынан бу ылыллыбыт тиэмпэни ыһыктыбакка салгыы элбэх үлэни ыытыа диэн эрэллээхпин. Дьаһалта үлэтигэр ылбыт уопутуҥ салайар үлэҕэр көмө буоллун, биир дойдулаахтарын эрэлэ, хайҕабыла саҥа кыайыыларга кынаттаатын.

Сергей Петровичка төрөөбүт дойдубут Кэнтикпит сайдарын, чэчириирин туһугар кыһамньылаах, ситиһиилээх уонна бэриниилээх үлэни баҕарабын!

#Кэнтик125

T.me/ValeriNikolaev
Уважаемые сотрудники и ветераны органов внутренних дел Верхневилюйского улуса!

От имени Администрации МР "Верхневилюйский улус (район)" поздравляю вас с Днем органов внутренних дел Российской Федерации!

Этот день — символ преданности, мужества и самоотверженности тех, кто стоит на страже закона и порядка. Ваша работа требует не только профессионализма, но и высокого морального духа, готовности в любой момент прийти на помощь и защитить права граждан.

Благодаря вашему труду и усилиям, мир становится безопаснее, а жизнь людей — спокойнее. Вы ежедневно проявляете стойкость и решительность, защищая интересы общества и обеспечивая его безопасность.

Желаю вам здоровья, счастья, благополучия и успехов в вашей нелегкой, но такой важной работе. Пусть каждый день приносит новые достижения, а поддержка коллег и уважение граждан вдохновляют вас на новые свершения!

С уважением, В.В. Николаев,
Глава Верхневилюйского улуса.


#ДеньСотрудникаОргановВнутреннихДел

T.me/ValeriNikolaev
Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр Россия үрдүнэн экономическэй сулууспа үлэһиттэрин күнүн бэлиэтиибит.

Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун экэнэмиичэскэй сулууспа үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыккытынан "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Россияҕа экономист күнүн чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһугар үбү-харчыны сөпкө туттууга анаммыт марафон ыытылынна.

Алтынньы 28 күнүттэн саҕалаан Үөһээ Бүлүү улууһун бары үөрэх кыһаларыгар Россия Баана бэлэмнээбит матырыйаалларыннан "Түөкүннэртэн сэрэхтээх буолуу, үбү-харчыны сөпкө туттуу" туһунан аһаҕас уроктар ытылыннылар.

Улуус баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччыта Саргылана Васильевна Алексеева көҕүлээһининэн уонна Россия национальнай баанын өйөбүлүнэн улуус библиотекаларын иһинэн үпкэ-харчыга анаммыт муннуктар оҥоһуллан үлэлэрин саҕалыахтара.

Бу муннуктарга харчыны сөпкө туттуу, элбэтии, түөкүннэр албыннарын сэрэтии туһунан матырыйааллар нэһилиэнньэҕэ тоҕоостоох буолуохтара.

#ДеньЭкономиста
#ФинансоваяГрамотность

T.me/ValeriNikolaev
Бүлүү өрүс кыһыҥҥы суола сарсын, сэтинньи 12 күнүттэн, сарсыарда 08:00 чаастан 4 тоннаҕа диэри массыыналарга арыллар.

Мууһу халыҥатар үлэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ, алтынньы ый 28 күнүттэн саҕаламмытынан сибээстээн, өрүс суола эмиэ графиктар эрдэ арыллар буолла.

Бүгүн миэстэтигэр тахсан муус халыҥын Суол-иис фондатын, ОАЗИС, ГИБДД, быһыыр сулууспа "ГИМС МЧС России по РС(Я)" исписэлиистэрэ бэрибиэркэлээтилэр.

Муус халыҥа бүгүҥҥү туругунан 32-45 см тэҥнэспит.

Сарсын сарсыарда 08:00 чаастан 4 тоннаҕа диэри массыыналарга өрүс суола арыллара бигэргэннэ.


#Автозимник
#Вилюй
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev