Якутский музей
391 subscribers
2.18K photos
27 videos
10 files
111 links
Знакомство с Якутией начинается здесь!
Download Telegram
Сегодня, 27 сентября, в Якутии отмечают День  Государственности Республики Саха (Якутия). И в этот знаменательный день в Мемориальном доме-музее М.К. Аммосова прошла церемония возложения цветов к бюсту выдающегося государственного и политического деятеля Якутии, Казахстана и Киргизии Максима Кировича Аммосова.

На мероприятии приняли участие заместитель Председателя Государственного Собрания (Ил Түмэн) РС(Я) Губарев В.Н., министр финансов РС(Я) Жондоров В.А., директор Якутского музея им. Ем. Ярославского, председатель Общественной палаты РС(Я) Бугаев Н.Д., заместитель главы МО «Намский район» Абрамов П.В., представители министерств и ведомств РС(Я), администрации города Якутска, Якутской городской Думы, сотрудники Якутского музея им. Ем. Ярославского, общественность и молодежь республики. 

Также в этот день Якутский музей им. Ем. Ярославского в Зале республики дома правительства # 1 организовал выездную выставку «Награды Республики Саха (Якутия) из фондов музея.

В Главном корпусе музея состоялась лекция отличника Профессионального образования РС(Я) Алексеевой Л.И. на тему «Роль Декларации о суверенитете в развитии государственности РС(Я)». Лекцию прослушали студенты 2 курса Педагогического института СВФУ им. М.К. Аммосова.
Завтра, 1 октября, в Международный день пожилых людей, вход в Главный корпус Якутского музея им. Ем. Ярославского для пожилых людей и пенсионеров бесплатный.
Якутский музей им. Ем. Ярославского приглашает молодых людей от 14 до 22 лет посетить следующие экспозиции и мероприятия до конца года по программе "Пушкинская карта" по ссылке https://clck.ru/32EGoP
Якутский музей представил выставку
в Хабаровском краевом музее имени Н.И. Гродекова

Сегодня, 7 октября, в г. Хабаровске открылась выставка «Звенящая красота якутского серебра» из коллекции фондов Якутского музея им. Ем. Ярославского.
Якутское ювелирное искусство имеет многовековую историю и богатые традиции. Коллекция ювелирного раздела музея включает в себя полный традиционный перечень изделий, куда входят украшения, элементы убранства верхового коня, посуда и личные вещи. Из них особое место по красоте и количеству, несомненно, принадлежит серебряным украшениям.
На выставке представлены традиционные украшения якутских мастеров конца ХVIII и начала ХХI веков. Это - начельник, гривна, шейно-нагрудные и наспинные украшения, пояс с набедренными подвесками, браслеты, кольца, украшения конского убранства.
​Выставка будет радовать жителей и гостей Хабаровска С 7 октября по 27 ноября 2022 года в Хабаровском краевом музее имени Н.И. Гродекова.
 
Эдьигээн улууһун быыстапката үлэтин түмүктээн эрэр

Ем. Ярославскай аатынан Саха музейа Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах улуустар быыстапкаларын тэрийбитэ. Бу бырайыак 2019 сыл балаҕан ыйыттан саҕаламмыта уонна бу дьыл бүтүөр диэри түмүктэниэхтээх. Бүгүҥҥү күн туругунан уопсайа 30 улуус быыстапка тэрийэн бэйэтин баай историятын, култууратын дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥ далааһыннаахтык көрдөрдө.

Ол курдук бу ааспыт ыйга биһиги музейбытыгар Эдьигээн национальнай (эбэҥки) улууһун историятын, сайдыытын, олоҕун-дьаһаҕын, тумус туттар, үтүө-мааны дьонун-сэргэтин кэпсиир, көрдөрөр, сырдатар быыстапка арыллан үлэлии турар.

Эдьигээн улууһун историятыттан кылгастык кэпсээтэххэ Өлүөнэ өрүскэ Ленскэй острогу төрүттээбит Енисей казактарын этэрээттэриттэн Алексей Архипов уонна Лука Яковлев салайааччылаах бөлөх ити 1632 сыл сайыныгар симиэбийэ, нууччалыы эттэххэ «зимовье», туппуттар эбит. Архыып докумуоннара кэпсииллэринэн Эдьигээн куората Өлүөнэ өрүс хаҥас биэрэгэр Ленскэй остроктан 771 км-дээх сиргэ тутуллубут эбит. Онтон кэлин хаста да көһөрүллэн билиҥҥи турар сиригэр олохсуйбут. 1930 сыллаахха туспа национальнай (эбэҥки) улууһа быһыытынан тэриллэн билигин сайдыы суолун батыһан 4 нэһилиэктээх үлэлии-хамсыы олорор.

Хотугу сир олохтоох омуктара – эбэҥкилэр, сахалар былыр-былыргыттан тулалыыр эйгэни кытта ыкса сибээстээх буоланнар тугу барытын туһаҕа таһааран иһит-хомуос, таҥас-сап, туттар мал-сал оҥостон кэлбиттэрэ. Ол курдук быыстапкаҕа XIX-с үйэ бүтүүтүнээҕи, XX-с үйэ саҕаланыытынааҕы эбэҥки норуотун төрүт таҥаһын-сабын, олоххо-дьаһахха, бултка-алтка тутта сылдьыбыт малын-салын, билиҥҥи кэм маастардарын оҥоһуктарын, үлэлэрин көрүөххүтүн сөп.
Хотугу норуоттар сүрүн дьарыктара күн бүгүнүгэр диэри таба иитиитэ, бултааһын, балыктааһын буолар. Хотугу киһи табата суох кыайан олорбот, таба тэрилин оҥостор, ону ааһан табатын киэргэтэр. Ол курдук быыстапкаҕа XIX үйэ бүтүүтүнээҕи сукунаттан тигиллибит оҕуруо, сарыы, тимир киэргэллээх таба бас быата баар.
XIX үйэтээҕи тирииттэн тигиллибит дьахтар түөскэ кэтиллэр таҥаһа – далыһа, XIX үйэтээҕи эр киһи уонна дьахтар үрүҥ көмүс курдара, XX үйэтээҕи тирии матаҕа, тыһыынчанан сыллар аннараа өттүгэр олоро сылдьыбыт кыыллар - мамонт оҕотун аһыыта, бизон төбөтүн уҥуоҕа, археологическай хаһыылартан уо.д.а. интэриэһинэй, сэдэх экспонаттар дьон-сэргэ көрүүтүгэр турдулар. Уопсайа Ем. Ярославскай аатынан Саха музейын уонна Эдьигээн улууһун историческай музейын фондаларыттан 100 тахса экспонат турда.

Ону таһынан быыстапкаҕа Эдьигээн улууһуттан төрүттээх эбэтэр Эдьигээҥҥэ олохсуйа, үлэлии-үөрэнэ сылдьыбыт, төрөөбүт улууһун, республика туһугар үлэ араас хайысхаларыгар үлэлээн-хамсаан, айан-тутан ааспыт, тумус туттар, чулуу дьонун-сэргэтин кэпсиир матырыйааллары эмиэ көрүөххүтүн сөп.
Ол курдук Эдьигээн бөһүөлэгиттэн төрүттээх саха уус-уран литературатын бастакы хараҥаччытыгар, “Ахтыылар” диэн сахалыы тылынан бастакы кинигэ авторыгар Афанасий Яковлевич Уваровскайга аналлаах суруйуулар, кинигэлэр, Эдьигээн улууһун Бэстээх сэлиэнньэтиттэн төрүттээх сахалартан бастакы көҥүл тустууга олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев докумуоннара, хаартыскалара, наҕараадалара, Мюнхэннээҕи олимпиада кыһыл көмүс мэдээлэ уонна Монреал куоракка ыытыллыбыт олимпиадаттан үрүҥ көмүс мэдээлэ, Саха АССР уонна СССР Верховнай Сэбиэтин депутатыгар, Эдьигээн райисполкомун бэрэссэдээтэлигэр, Чурапчы 13 колхоһун Эдьигээҥҥэ күүс өттүнэн көһөрүү кэмигэр ол дьоҥҥо элбэх көмөнү оҥорбут, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннаах Николай Васильевич Шемяковка, Эдьигээн орто оскуолатын бүтэрбит, Эдьигээннээҕи ЫБСЛКС сэкэрэтээринэн үлэлээбит, Саха республикатын бастакы президенигэр Михаил Ефимович Николаевка, Эдьигээн орто оскуолатын бүтэрбит, филологическай наука докторыгар, саха хомуһун аан дойдуга аатырдыбыт, киэҥник тарҕаппыт Иван Егорович Алексеевка – Хомус Уйбааҥҥа уо.д.а. аналлаах стендэлэр, экспонаттар дьон көрүүтүгэр турдулар.
Онон, куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах уһук хоту тайаан сытар Эдьигээн улууһун баай историятын, култууратын, тумус туттар, үтүө-мааны дьонун-сэргэтин кэпсиир, көрдөрөр быыстапканы бу дьыл алтынньы 12 күнүгэр диэри кэрэхсии, сэргии көрөргүтүгэр ынырабын.

Мария Пестрякова, Ем. Ярославскай аатынан Саха музейын методиһа