Forwarded from АНАЛИТИКА-ПОЛИТИКА РСЯ
ОБЩИЙ СВОДНЫЙ МЕДИА-РЕЙТИНГ ГЛАВ УЛУСОВ (РАЙОНОВ) ЯКУТИИ!
По каждому из вышеупомянутых 4 рейтингов определяются места от 1 до 36 (при антирейтинге используется обратное ранжирование).
Сводный медиа-рейтинг определяется путем суммирования итоговых мест по каждому списку: лидеры – главы с наименьшим итоговым показателем, аутсайдеры – с наибольшим.
СМ Индекс по системе рассчитывает эффективность сообщений и их вес в социальных сетях.
СМ индекс вычисляется следующим образом: суммарный охват собственной аудитории и аудитории репостеров, помноженный на коэффициент вовлеченности.
В данном мониторинге используется суммарный СМ индекс всех сообщений по каждому исследуемому объектам мониторинга.
Подписывайся:
t.me/AnalitikaPolitikaYKT

Тэҥкэҕэ ойуур баһаарын умуруорууга үлэ барар.
🌿👨🚒Тэҥкэҕэ күөдьүйбүт ойуур баһаара өрүс нөҥүө, нэһилиэктэн 10-ча килэмиэтир тэйиччи. Манна мобилизованнайдар, авиалесохрана сотрудниктара уонна Приморьеттан 10 киһи кэлэн күүстээх үлэ барар.
Приморьеттан кэлбит Авиалесоохрана десатниктара республика правительствотын суһал штабын быһаарыытынан кэлбиттэрэ. Кинилэр Тэҥкэҕэ уонна нэһилиэктэртэн ыраах буола турар баһаардарга улэлии сылдьаллар.
Барыта быһа холоон 15 галаах сиргэ аһаҕас уот турар. Чугаһынан уу суох буолан минерализованнай балаһа көмөтүнэн уоту тутуу үлэтэ барар. Бүгүҥҥү күҥҥэ уоту 70% төгүрүттүлэр.
Бүгүн үлэ тэтимин түргэтэргэ Беларусь тыраахтыр уонна Танкетка "МТЛБ" көмөҕө тиийдэ.
@suntaar_ulus

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Сунтаар улууһугар кэлиҥҥи 7 сылтан саҕалаан ниэби хостуур хампаанньалар үлэлииллэр.
🔺️Билигин Куокуну, Хадан, Тэҥкэ нэһилиэктэрин территорияларыгар ниэби көрдүүр-чинчийэр скважиналар бааллар.
🔺️Быйыл Роснефть курдук баараҕай хампаанньа Хордогой нэһилиэгэр үлэлээн 40 килэмиэтир тэйиччи сиргэ саҥа скважинаны тутан саҕалыаҕа. Маныаха маннык промышленнай, техническэй үлэ дьоҥҥо-сэргэҕэ, айылҕаҕа дьайыытын тула элбэх дьүүллэһиилэр ыытыллаллар.
🔺️Скважина буурданан киирээһинэ 3300 миэтэрэ дириҥнээх буолуоҕа. Тутуу бырайыага тулалыыр эйгэҕэ куттала суох буолуу ирдэбилинэн туох баар ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйданан оҥоһуллубут.
🔺️Үлэни Роснефть дочерняй хампаанньата ниэби, гааһы хостооһунунан дьарыктанар "Таас үрэх" тэрилтэтэ ыытар.
Скважина тутуутун үлэтэ хаһан саҕаланыаҕай? Бу туһунан сиһилии улуус баһылыга Анатолий Григорьев иһитиннэрэр👆

Үөһээ-Бүлүү - Дьокуускай суола 2002 сыллаахха😱
Ама маннык суолунан айанныы сылдьыбыппыт дуо❓️❓️❓️
@suntaar_ulus
Ама маннык суолунан айанныы сылдьыбыппыт дуо❓️❓️❓️
@suntaar_ulus
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Оттон билигин айан суола федеральнай суолталанан хайдах курдук тубуста👍👆
Сунтаар улууһугар суолу оҥоруунан "Сунтаравтодор" уонна "Айан суол" тэрилтэлэрэ дьарыктаналлар. Сыл ахсын суолу тупсарыыга, асфальт бүрүөһүнү уурууга көдьүүстээх үлэ ыытыллар🙌
Бу барыта "Куттала суох айаны хааччыйыы" федеральнай программанан олоххо киирэр👍👍👍

Улуус баһылыга Анатолий Григорьев дьаһалынан үөрэх тэрилтэлэрин эбийиэктэрин приемкалыыр межведомственнай хамыыһыйа үлэтин саҕалаата.
✅️Сунтаар улууһугар от ыйын 19 күнүттэн 33 оскуола, 19 уһуйаан, 4 эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин 2024-2025 үөрэх сылыгар аһардар приемнай хамыыһыйа үлэтин саҕалаата.
✅️Приемка атырдьах ыйын 6 күнүгэр диэри график быһыытынан бүтүөхтээх.
✅️Үөрэх салалтатын салайааччытын солбуйааччыта Васильев Б.Н., Ньурба территориальнай Сунтаардааҕы роспотребнадзор салайааччытын солбуйааччыта Морозова Н. Ф., Сунтаардааҕы МЧС ОНДПР ГУ салайааччытын эбээһинэһин толорор Давыдов В. О. эбийиэктэр бэлэмнэрин бэрэбиэркэлииллэр.

Forwarded from СУНТААР ЫЧЧАТА
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Как мотивировать и развивать работу «Туелбэ»?🤩
Мы взяли комментарий от Главы улуса🤩 добавляем свое мнение и предложение в комментариях ⬇️
Отметим, что каждый год в Якутии проходит конкурс на поддержку мероприятий местных бюджетов, направленных на развитие территориальных общественных самоуправлений👍
Мы взяли комментарий от Главы улуса
Отметим, что каждый год в Якутии проходит конкурс на поддержку мероприятий местных бюджетов, направленных на развитие территориальных общественных самоуправлений
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бассейн тутуутугар күүстээх үлэ бара турара тута харахха быраҕыллар.
🏗🏛 Сунтаарга бассейн тутуутугар ыам ыйыттан саҕалаан саҥа бэдэрээччит "ТУТУУ-САХА" тэрилтэтэ ылсан үлэлии сылдьар. Өрөбүлэ суох симиэнэнэн үлэ бэрээдэгэ олохтонон тутуу тэтимнээхтик барар.
Тутааччылар саамай сүрүнэ үлэһит илии ахсаана элбэх буолуохтаах дииллэр. Онон билигин үлэлии сылдьар 30 киһиэхэ эбии, тутууга уопуттаах дьону аҕалыахтара.
Улуус баһылыга Анатолий Григорьев маннык баараҕай, тыа сиригэр уустук тутууну эрэнэн туран, бу бэдэрээдинэй тэрилтэҕэ туттарбыта. Үлэ хаамыытын хонтуруолга тутан, хайдах быһыылаахтык бара турарын көрдө👆

"ДАБААН-СТРОЙ" тутуу тэрилтэтэ үлэ былаанын 10 хонугунан эрдэлэтэн иһэр.
🏗🏛Сунтаар улууһугар хаарбах туруктаах дьиэттэн олохтоохтору көһөрүү программанан Күүкэйгэ, Кэмпэндээйигэ уонна Сунтаарга барыта 4 дьиэ тутулла турар. Манна эбии Түбэйгэ, Уһун Күөлгэ, Алыҥаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутан саҕалыахтара.
Улуус баһылыга Анатолий Григорьев олохтоох "ДабаанСтрой" тутуу тэрилтэтэ Партизан түөлбэтигэр тута сылдьар эбийиэгин көрдө. Аҕыйах сыллааҕыта бу сир хаарбах туруктаах мас дьиэлэринэн толору этэ. Оттон билигин тыа сиригэр тупсаҕай эйгэ олохтонон бииртэн биир саҥа дьиэ дьэндэйэр.
Нэһилиэнньэ олорор усулуобуйатын тупсарыыга туһуламмыт анал программанан бу түөлбэҕэ үһүс дьиэ иккис уочараттаах тутуута бара турар. Ааспыт сылга үлэҕэ киирбит 23 кыбартыыраҕа эбии 50 ыал көһөн киирэригэр тэтимнээх үлэ барар👆

Сири ньүөлсүтүү, от үүнүүтэ, ыһыы үлэтэ хайдаҕый?
🌿🌿🌿Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Сахайаана Павлова Бүлүү бөлөх улуустарыгар үлэлээтэ. Чопчу сири кытта үлэни көрөр-истэр сыаллаах оробуочай бөлөх Сунтаар улууһун бааһыналарыгар сырытта.
🌿Республика үрдүнэн бааһыналар иэннэрин уопсай кээмэйэ 50 тыһыынча гаҕа тэҥнэһэр. Ил Дархан уурааҕынан 2030 сылга диэри 70-ҥа тириэрдэр сорук турар. Маныаха быраҕыллыбыт буолалары сөргүтүүгэ, үлэлиэн баҕалаах дьону көҕүлүүргэ былааннаах үлэ барар.
🌿Сүөһү-сылгы өлгөм бородууксуйаны биэрэрэ 70%-на аһылыгыттан тутулуктаах. Онон хаһаайыстыбалаах тэриллиилэр сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнииргэ, хаачыстыбалаах үүнүүнү ыларга дьулуһаллар. Сыл ахсын туорахтаах култуураны олордууга бааһыналарын иэнин кэҥэтэллэр.
🌿Сунтаар иһинээҕи ыһыыны холобурга ыллахха, Килээбий, Чохулаах буолаларыгар Кириэстээх хаһаайыстыбата подсолнух, эбиэс курдук иҥэмтиэлээх үүнээйини ыспыт. Оттон Кириэстээх, Куокуну өттүнээҕи үүнүү, барыта холбоон сыл ахсын 3000 туонна кэриҥэ сиилэс бэлэмнэнэр.
🌿Тойбохойдор эмиэ урукку сопхуос саҕанааҕы буолалары сөргүтэн сыл ахсын өлгөм үүнүүнү ылаллар. Бородууксуйаларын анал тэрилгэ переработкалаан көтөрдөргө, сибиинньэҕэ, сүөһүгэ аналлаах аһы оҥорон таһаараллар.
🌿Иҥэмтэлээх эбии аһылык ынах сүөһү уопсай туругар уонна үүтүн хаачыстыбатыгар сабыдыаллыыра саарбахтаммат. Онон бу эйгэҕэ улахан болҕомто туһаайыллара эрэйиллэр.

Тыа хаһаайыстыбатын оробуочай бөлөҕө сири нүөлсүтүү, чөлүгэр түһэрии үлэлэри көрдө, инники быланнары торумнаата.
☘️Сэбиэскэй кэм саҕана мелиоративнай үлэлэр ордук күүскэ ыытыллан сир-уот боппуруоһа маннык сытыытык турбат этэ. Тыа сирин отчут-масчыт дьонугар олус наадалаах дьаһаныы умнулла быһыытыйан баран, билигин хос сөргүтүү үлэтэ барар. Мелиорация управлениетын Ньурбатааҕы салаатын салаааччыта Алексей Васильев, бу туһунан бэйэтин санаатын үллэстэр.👆
☘️Оробуочай бөлөх Бордоҥ сирин-уотун көрдө. Манна урукку хоруулар оһоннор Ньээлбиктэ диэн сиртэн саҕалаан Тэҥкэҕэ диэри сир уута толору сытар. Манна мелиорация үлэтэ ыытылыннаҕына Хочо өттүнээҕи хас да нэһилиэк абыранар кыахтаах.
☘️Билигин Бордоҥ сүөһүтүн-сылгытын ахсаана барыта холбоон 2000 кэриҥэ. Уруккута киэҥ ньэлэмэн ходуһалардаах буоллахтарына бүгүҥҥү күҥҥэ хаһаайыстыбалаах дьон отторун отонноон хомуйаллар. Маннык түгэн элбэх сиргэ баар.
☘️Балаһыанньаны туоратыыга билигин Уһун Күөл уонна Маар Күөл икки ардыгар хоруулары хаһыы үлэтэ бара турар.
☘️Тустаах дьоҥҥо биир үөрүүлээх сонунунан улууска мелиоратор штата арыллан саҥа үлэһит кэллэ. Землеустроитель үөрэхтээх специалист от ыйын 1 күнүттэн саҕалаан үлэ бэрээдэгин кытта билсэ сылдьар.

"Ил-Тосхол" хаһаайыстыбатыгар үүт сыаҕа арылынна.
🍶🌿🤗Сири кытта үлэ үтүө түмүгэ сууланан-хааланан, переработкаланан тахсыбыт эт-үүт бородууксуйата буолар. "Татыйыына" фирма салайааччыта Нина Герасимова "Бааһынаттан лааппы долбууругар" диэн бэрт судургу эрээри элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр этиитэ олоххо киирэр.
Саҥа производственнай сыахха күҥҥэ 5 туонна үүтү астыыр кыамталаах оборудованиелар кэлэн турдулар. Манна үрүҥ ас араас көрүҥүн, инникитин мороженай, сыыр курдук сэдэх бэйэ аһылыгын оҥорон таһаарыахтара.
Кэрэхсэнэрэ диэн үүт хаачыстыбатын көрөр-истэр, хонтуруоллуур лаборатория баар. Специалистар үрдүгэр олорон, бэл диэтэр микробиологическай аналиһы эмиэ оҥорор кыахтаннылар.