СУНТАРСКИЙ УЛУС 🕊️🕊️🕊️
3.56K subscribers
6.07K photos
1.27K videos
11 files
576 links
Официальный телеграм канал Сунтарского улуса
Download Telegram
💐Ыам ыйын 15 күнэ – Аан дойдуга Дьиэ кэргэн күнэ💐

«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна Сунтаар улууһун депутаттарын Сэбиэтин ааттарыттан улууспут олохтоохторун Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Үрдүкү Айыыларбыт ыйбыт-кэрдибит суолларын тутуһан, үс саханы ууһатан, түөрт саханы төрүттээн, Айыы аймаҕын кэһиллибэт кэскилэ – уруу тэрийэн, оҕо-аймах төрөтөн дьиэ кэргэни олохтооһун. Норуот уйгутун-быйаҥын, модун буолуутун өлүүскэтэ – дьиэ кэргэн. Ол иһин мындыр толкуйдаах өбүгэлэрбит үүнэр кэнчээрилэрин олоҥхо нөҥүө дьиэ кэргэн тутулун ытык суолтатын уостан-уоска, тылтан-тылга тиэрдэн саха омуга бигэ туруктаахпыт. Айылҕа сокуона сир Ийэ баарын тухары уларыйбат. Бүтүн судаарыстыба тулхадыйбат сайдыыта, чөл туруга – иллээх-эйэлээх, бөҕө-таҕа дьиэ кэргэн. Олоҥхо дойдута – Сунтаар өбүгэ ситимин тутуһар, сайдыылаах олохтоох дьиэ кэргэн бэлиитикэтин, кэскиллээх кэнчээри ыччаты иитии суолун талар.

Туругурдун сахалыы тыыннаах Дьиэ кэргэн бэлиэ күнэ! Сунтаар улууһун бары дьиэ кэргэнигэр или-эйэни уонна өйдөһүүнү, чэгиэн доруобуйаны уонна уостубат тапталы! Эһиги алаһа дьиэҕит өрүү оҕо минньигэс мичээринэн сырдыы, чуор куолаһынан чугдаара турдун!


«Сунтаар улууһа (оройуона)»
муниципальнай оройуон баһылыга А.В. Григорьев

Сунтаар улууһун депутаттарын
Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ У.Д. Попова
Дьиэ кэргэн - дьол уйата
Зинаида Федотова- Дьол Кыыма тыл.
Мария Семенова дьүрүскэнэ
Дьиэ кэргэн дьол уйата

Итэҕэл күүһэ иитиллэн ,
Тапталбыт уота саҕыллан
Эрэл кыыма күөдьүйэн
Дьоллоох дьиэ кэргэн буоллубут

Оҕо дьиэ кэргэн ымыыта
Ийэ дьиэ кэргэн биһигэ
Аҕа дьиэ кэргэн хаххата
Дьиэ кэргэн дьол уйата.

Кыыс оҕонон кынаттанан,
Уол оҕонон уруйданан
Кэрэ күнтэн үөрэммит
Кэлэр кэми көрсөбүт

Үлүскэннээх үрдүк үөрүү
Долгунугар уйдараммыт
Үрүҥ күммүт анныгар
Дьол уйатын тутабыт.
На реке Вилюй
Активная фаза ледохода проходит на территории Нюрбинского района.
На реке Вилюй на участке устье р.Марха – о.Сата-Арыыта наблюдается замедление ледохода в связи неподготовленностью реки Вилюй.
Нижняя кромка ледохода наблюдается ниже г. Нюрба Нюрбинского района (до устья 562 км), уровень воды 1072 см (-24 см за 4 часа) при критическом 1250 см, редкий ледоход.
Верхняя кромка у г. Нюрба Нюрбинского района.
У н.п. Верхневилюйск Верхневилюйского района наблюдаются разводья.
У г. Вилюйск Вилюйского района местный ледоход.
При сохранении заторных явлений, в ближайшие сутки на участке о.Сата-Арыыта – г. Нюрба существует вероятность дальнейшего роста уровня воды и выход воды на пойму у н.п. Жархан, Бысыттаах.
У н.п. Верхневилюйск 15 -16 мая ожидается ледоход.
На реке Марха (приток р. Вилюй)
У н.п. Малыкай Нюрбинского района уровень воды 633 см (+10 см за 4 часа) наблюдается подвижки. В нижнем течении реки Марха подвижки льда.
*Информация о фактических уровнях воды и ледовых явлениях по гидрологическому посту р. Вилюй – с. Сунтар по состоянию на 15.05.2024 г.:*

* Уровень воды: *707 см* (при критическом - *1335 см*);
* ⁠Дата начала наблюдения: 24.04.2024 г.
* ⁠⁠Изменение за сутки: *- 84 см*.
* ⁠Ледовые явления: Навалы льда, редкий ледоход.

Опасных гидрологических явлений нет.

*КЧС и ОПБ МР «Сунтарский улус (район).*
Кириэстээххэ култуура киинин тутуута тэтимнээхтик бара турар.

Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев тутуу бара турар Кириэстээх уонна Маар Күөл нэһилиэктэригэр үлэлиир.

Кириэстээххэ тутулла турар 150 миэстэлээх кулууп дьиэтин Самвел Саакян салайааччылаах олохтоох "Андраники" тэрилтэ тута сылдьар. Эбийиэк "Култуура" национальнай бырайыагынан олоххо киирэр.

Тутуу силигин ситтэҕинэ анал оборудованиеларынан, миэбэлинэн толору хааччыллыылаах, ааҕар хостоох, үҥкүү саалалаах буолуоҕа. Ону тэҥэ, нэһилиэк устуоруйатын кэпсиир түмэл үлэлиэҕэ.

Билигин манна сорох матырыйаал уунан кэлиэр диэри 10-ча киһи үлэлиир.

@suntaar_ulus
Маар - Күөлгэ улуус үбүлээһининэн спортивнай саала тутулла турар.

🤸‍♂️🤼👏👍406 нэһилиэнньэлээх дьоҕус нэһилиэк тупсар-сайдар кэскилэ киэҥ. Маар-Күөлгэ кэлиҥҥи сылларга элбэх тутуу үлэтэ баран ууну ыраастыыр станция, саха балаҕана уонна 2018 сыллаахха "Үтүө дьыала" тосхолунан саҥа оскуола үлэҕэ киирбитэ.

Оттон бу сырыыга үүнэр көлүөнэ чэгиэн-чэбдик, эт-хаан өттүнэн эрчиллиилээх буоллун диэн оскуоланы кытта силбэһэ спортивнай саала тутуутун үлэтэ бара турар. Тутууну улуус бэйэтин үбүнэн көҕүлээн ыытар. Аны күһүн саҥа үөрэх дьылыгар үөрүүлээх быһыыга аанын тэлэччи арыйыаҕа.

Бу нэһилиэк элбэх спортсмены иитэн-такайан таһаарбыта. Урукку сылларга улуус улахан спортивнай күрэхтэрэ манна ыытыллар этилэр. Билигин саҥа эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ нэһилиэнньэ спорду өрө тутан өссө кыаҕырыаҕа. Тутууну олохтоох "ВИД" тэрилтэ ыытар.

Быйыл Эдуард Соколов - Тулусхан төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах ыһыах ыһыллыаҕа. Маныаха ыһыахтыыр сынньалаҥ пааркатыгар эмиэ саҥардыы үлэтэ барыаҕа.

@suntaar_ulus
Илимниир суолун тупсарыыга үлэ барыаҕа.

🔺️Илимниир суола урукку дьылларга тупсаҕай, үчүгэй суоллаах нэһилиэктэртэн биирдэстэрэ этэ. Оттон кэлин Обоччолоох карьерыттан кумаҕы, гравийы тиэйэр улахан уйуктаах массыыналар сырыылара элбээн быстар мөлтөөбүт. Маныаха улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна тутуу управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Юрий Афанасьев суол туругун көрдүлэр.

🔺️Билигин суол инчэҕэй эрдэҕинэ грейдеринэн астарар табыгаһа суох. Онон бу нэдиэлэ бүтүүтэ уутун-хаарын ыраастаан, оботторон баран дьаамалары бүөлүүр үлэ ыытыллыаҕа. Барыта 4 сиринэн 700 миэтэрэ уһуннаах сиргэ күргүөмнээх үлэ барыаҕа.

🔺️Быйыл бу суолу толору оҥоруу бырайыага экспертизаны аастаҕына инникитин хаачыстыбалаах, үйэлээх үлэ ыытыллан суол ньуура көнөн, сыыдам айан олохтонуоҕа.

@suntaar_ulus
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🏗🏛Кириэстээххэ Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов көрдөһүүтүнэн тутулла турар култуура дьиэтин туһунан сиһилии улуус баьылыга Анатолий Григорьев кэпсиир👆

Үлэ хаамыыта хайдах баран иһэрин анал устууга көр.

@suntaar_ulus
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🤼🤸‍♂️👏 Маар-Күөллэр саҥа спортивнай саалалара үлэҕэ киирэрин долгуйа кэтэһэллэр. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев бу нэһилиэк спорка олус көхтөөҕүн бэлиэтээн этэр.

Тутуу олус хаачыстыбалаахтык оҥоһулла турар. Бу туһунан анал устууга көр👆

@suntaar_ulus