СУНТАРСКИЙ УЛУС 🕊️🕊️🕊️
3.56K subscribers
6.07K photos
1.27K videos
11 files
576 links
Официальный телеграм канал Сунтарского улуса
Download Telegram
СИТУАЦИЯ НА МУНИЦИПАЛЬНЫХ АВТОДОРОГАХ СУНТАРСКОГО УЛУСА

В связи с аномально-большим количеством талых вод и засорением водопропускных труб, участились случаи размыва межпоселковых автодорог.

МКУ «Управление строительного комплекса» МР «Сунтарский улус (район)», совместно с администрациями наслегов, Госавтоинспекцией Сунтарского района и дорожными организациями оперативно провели мероприятия по ликвидации размыва дорожного полотна на муниципальных автодорогах «Тойбохой-Жархан», «подъезд к с. Мар-Кюель» и «Крестях-Хордогой».

В настоящее время, МКУ «УСК» осуществляется постоянный мониторинг дорожной обстановки, с целью принятия своевременных мер по обеспечению безопасности дорожного движения.

Уважаемые участники дорожного движения, убедительная просьба быть предельно внимательными на дороге, соблюдать безопасную дистанцию, выбирать скоростной режим, строго выполнять предписания дорожных знаков.

@suntaar_ulus
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Быйылгы Бүлүү Эбэ мууһун барыыта хайдаҕый?

Бу туһунан Сунтаар улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Николай Александров иһитиннэрэр👆

Ыгыатта, Түбэй, Түбэй-Дьаархан аннынан арыый уустуктардаах буолла.

@suntaar_ulus
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Күндээдэ аннынан муус хамсаата👏👏👏

Дьэ онон, мууспут хардырҕаччы устан барыахтаах👍

@suntaar_ulus
*Информация о фактических уровнях воды и ледовых явлениях по гидрологическому посту р. Вилюй – с. Сунтар по состоянию на 13.05.2024 г.:*

* Уровень воды: *891 см* (при критическом - *1335 см*);
* ⁠Дата начала наблюдения: 24.04.2024 г.
* ⁠⁠Изменение за сутки: *- 49 см*.
* ⁠Ледовые явления: Навалы льда, редкий ледоход.

Опасных гидрологических явлений нет.

*КЧС и ОПБ МР «Сунтарский улус (район).*
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Ыһыах түһүлгэтин саҥа тутуулар киэркэтиэхтэрэ.

☘️🔆💫Сэргэй Сибиэрэп - Кыыл Уолун үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах республикатааҕы ыһыахха бэлэмнэнэн дьон сынньанар пааркатын тупсарыыга күрэх биллэриллэр. Күрэҕи Сунтаар улууһун экономическай уонна социальнай сайдыыга пуондата иилээн-саҕалаан ыытар.

🔹️Тупсаҕай тутуулары, кэрэ көстүүнү олохтуурга, анал бырайыактары нэһилиэктэр дьаһалталара уонна общественнай тэриллиилэр оҥорон, айан-тутан таһаарыахтара. Бастыҥ үлэлэр 500, 300, 200 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланыахтара.

🔹️Күрэх түмүгэ былаан быһыытынан ыам ыйын 24 күнүгэр тахсыаҕа. Оттон бырайыак ситэн-хотон бэс ыйын 15 күнүгэр диэри түмүктэнэн олоххо киириэҕэ.

🔹️Кыттааччылар сайаапканы муус устар 15 күнүттэн ыам ыйын 15 күнүгэр диэри ыытаргытын күүтэбит. Көхтөөх кыттыыны ылыҥ, тупсаҕай эйгэни бэйэҕит төрүттээҥ!

@suntaar_ulus
📌📌📌Күрэх ыытылларын туһунан санатабыт👆
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Ыксаллаах быһыыга-майгыга төһө бэлэмнээхпитий?

🌊🔥Халаан уутун содулун туоратыыга уонна ойуур баһаарыгар бэлэмнээх буолууга анал сулууспалар техникаларын, оборудованиеларын, хас киһи үлэлии тахсар кыахтааҕын көрөр-истэр тэрээһин сыл ахсын ыытыллар.

Бу туһунан Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев кэпсиир.

@suntaar_ulus
Продажа рассады🌱🌱🌱 на урожай 2024 год:*
🥒🥒🥒🥒🥒 "Стелла","Бабушкин секрет",корнишоны "Клавдия","ТСХА Апрельский","Зозуля",китайские огурцы;
🫑 "Богатырь";
🍅🍅🍅🍅🍅 "Хайахсыт","Тэнкэ Роза", "Морковный", "Бычье сердце", "Пионер", "Монгольский карлик"(грунтовые не пасынкуются)
🎃тыквы "Гигант; кустовые
🌱кабачки Цукеша, Зебра , горшковые для духовки, белоплодные.
🍆 самоопыляемый "Король севера";
🍓🍓🍓клубника Хаандыга (Саха сиригэр ууммутэ 30 сыл) Московский деликатес, Приморье -250 рб
🍓земляника Руяна зимостойкая -100
🌺🌸🌼🌻🪻
Петунии ампельные белые, пурпурные, розовые, махровые красные, розовые
Лобелии белые, красные, синие
Астра синяя
🌻🌻🌻, бархатцы низкорослые в подарок по 5
Гарантированный урожай (семена приобретались в семенном)👍🏼
Всё по 100 руб. ранние рассады🌱
Доставка свыше 20 шт бесплатно📱📱📱 89841215368
89142694182 Светлана👩🏻‍🌾
🏡 ул.Сергеева 17 Сунтар
*Информация о фактических уровнях воды и ледовых явлениях по гидрологическому посту р. Вилюй – с. Сунтар по состоянию на 14.05.2024 г.:*

* Уровень воды: *791 см* (при критическом - *1335 см*);
* ⁠Дата начала наблюдения: 24.04.2024 г.
* ⁠⁠Изменение за сутки: *- 100 см*.
* ⁠Ледовые явления: Навалы льда, редкий ледоход.

Опасных гидрологических явлений нет.

*КЧС и ОПБ МР «Сунтарский улус (район).*
🦆🦆🦆Сааскы кус эр дьону булка угуйан аһыыр астара ас буолбакка, утуйар уулара уу буолбакка булт үгэнигэр сылдьаллар. Маныаха куска эмиэ туһунан быраабылалаах буолар. Кусчуттар сокуону төһө тутуһалларый? Бу туһунан айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Сергей Николаевы кытта кэпсэттибит.

- Биһиги тэрилтэбит үлэһиттэрэ күннэтэ кэриэтэ, былаан быһыытынан рейдэлэри оҥоро турабыт. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ булчуттар бэрээдэктэммиттэрэ, сокуону, булт быраабылатын тутуһар буолбуттара харахха быраҕыллар диэххэ сөп. Быйыл саас үгүс кусчуттар баҕаларын хоту саас олох эрдэ, бастакы кус кэлиэҕиттэн иитиэх куһунан угуйан кустааһын саҕаламмыта. Ити бириэмэҕэ рейдэлээһин түмүгэр эрдэ кустуон баҕалаах булчуттар ирдэбил быһыытынан иитиэх кустарын толору хааччыналларын бэлиэтии көрдүбүт. Ити эмиэ булчут үтүө өрүтүн көрдөрөр. Ол да буоллар кыралаан Булт быраабылатын кэһээһин тахса турар. Бүгүнҥү күҥҥэ биэс киһи булт быраабылатын кэһэн административнай эппиэккэ тардылынна. Рейдэлэр хойукка дылы барыахтара.

- Быйыл кустааһын өр сыллар кэннилэриттэн болдьоҕо уһаабытын бэлиэтии көрдүбүт. Хаһааҥҥа диэри салҕаныаҕай?

-Иитиэх куһунан бултааһын бэс ыйын 10 күнүгэр диэри салҕанар. Ол иһигэр андылааһын көҥүлэ бэс ыйын 1 күнүттэн 4 күнүгэр диэри киирэн биэрбитэ. Ити кэмҥэ ойуурга уот, баһаар туруон сөп. Онон булчуттар өйдүөхтэрин наада. Төһө кыалларынан тыаҕа сылдьан баһаартан сэрэхтээх буоларга инструктаж, сэрэтии үлэтин ыытабыт.

Ыам ыйын 6 күнүттэн республикаҕа баһаар туруон сөптөөх сезон арыллыбытын санатан этэбит. Онон ойуурга уоту көрдөххүтүнэ чугастааҕы олохтоох дьаһалталарга, быыһыыр, харыстыыр сулууспаларга суһаллык биллэриэххитин наада.

@suntaar_ulus
Бордоҥҥо бөһүөлэктэн чугас ойуурдааҕы сылдьарын иһитиннэрдилэр.

🐻😲 Дьонҥо чугаһаабыт тыатааҕыны хайдах дьаһайылларый?

Айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Сергей Николаев: Ханнык баҕарар кыылы, ол иһигэр сиэмэхтэри, бөрө да эһэ да буоллун биһиги харыстыыр эбийиэктэрбит буолаллар. Ыллыҥ да бөһүөлэктэн чугас диэн бултаныллыбат. Киһи олоҕор кырдьык кутталы үөскэппит буоллаҕына биирдэ эрэ, бултуурга көҥүл бэриллэр. Ол көҥүлүн болдьоҕо 3 күнтэн ордуо суохтаах. Дьиэ сүөһүтүн, холобур сылгыны тардыбыт буоллаҕына бултуурга көҥүл бэриллибэт (итини тоһоҕолоон өйдүүр тоҕоостоох).Биллэн турар ойуурга сылдьар дьонҥо сэрэтии үлэтэ ыытыллыахтаах. Сорох сиргэ тыаһаан-уһаан дьон олорор сириттэн тэйитии үлэтин ыыппыт түгэннэрин истэбит. Бордоҥ нэһилиэгин баһылыга Константин Александрович Уаровтыын адьырҕаттан сэрэхтээх буоларга, дьону харыстыырга сүбэлэһэ олоробут. Эһэ баар, кэлиэн сөптөөх сиригэр ас тобоҕун хаалларыллыа суохтааҕын өйдүөх тустааххыт.

Бу сырыыга тыатааҕы дьону көрөн баран куоппут уонна биллибэтэх. Итинник түгэнҥэ суолун-ииһин хайаан да хаартыскаҕа түһэрэр ордук. Уопуттаах булчуттарынан бүтэйдээн хайа диэки барарын кэтэниллиэхтээх. Эсэһит ыттарынан сырыһыннаран тэйитиэххэ эмиэ сөп.

@suntaar_ulus