Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
"Ил-Тосхол" хаһаайыстыбатыгар үүт сыаҕа арылынна.
🍶🌿🤗Сири кытта үлэ үтүө түмүгэ сууланан-хааланан, переработкаланан тахсыбыт эт-үүт бородууксуйата буолар. "Татыйыына" фирма салайааччыта Нина Герасимова "Бааһынаттан лааппы долбууругар" диэн бэрт судургу эрээри элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр этиитэ олоххо киирэр.
Саҥа производственнай сыахха күҥҥэ 5 туонна үүтү астыыр кыамталаах оборудованиелар кэлэн турдулар. Манна үрүҥ ас араас көрүҥүн, инникитин мороженай, сыыр курдук сэдэх бэйэ аһылыгын оҥорон таһаарыахтара.
Кэрэхсэнэрэ диэн үүт хаачыстыбатын көрөр-истэр, хонтуруоллуур лаборатория баар. Специалистар үрдүгэр олорон, бэл диэтэр микробиологическай аналиһы эмиэ оҥорор кыахтаннылар.
@suntaar_ulus

Түбэй-Дьаархаттар үрүҥ илгэни дэлэтэллэр.
🍶🌿🤗Түбэй-Дьаархан олохтооҕо Михаил Комин үлэни өрө тутан 2016 сыллаахха бааһынай-фермерскай хаһаайыстыба тэринэн, сүөһү иитиитинэн дьарыктанар.
🌿Өр сыллар устата утумнаах, сыралаах үлэ ыытыллан хаһаайыстыба Сунтаар улууһугар биир тирэхтээх тэрилтэнэн буолар. Билигин ыанар ынаҕын ахсаанын 183 төбөнү ааҕаллар, оттон уопсайа 300-тэн тахса. Сайыҥҥы кэмҥэ күҥҥэ 1700-2000 киилэ үүтү ыыллар.
🌿Хаһаайыстыба инникитин сайдар кэскилэ киэҥ. Ол курдук, билиҥҥи кэмҥэ олус тоҕоостоох, толору хаччылыылаах үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарар арыы сыаҕын үлэҕэ киллэрдэ. Манна үрүҥ ас арааһын астаан Сунтаар, Ньурба улуустарын хааччыйыахтара.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, олохтоох бэйэ оҥорон таһаарар үрүҥ аһын дэлэтиигэ, бу курдук көдьүүстээх үлэ барар.

🌲🔥💪 Ойуур баһаарын тула күннэри-түүннэри көдьүүстээх үлэ барар.
Байыастар бэрээдэктээх үлэлэрин көмөтүнэн Сиэйэҕэ турбут баһаар төгүрүтүлүннэ.
@suntaar_ulus
Байыастар бэрээдэктээх үлэлэрин көмөтүнэн Сиэйэҕэ турбут баһаар төгүрүтүлүннэ.
@suntaar_ulus
Ааспыт нэдиэлэҕэ Сунтаар улууһун территориятыгар турбут ойуур баһаардарыгар «Якутлесресурс» ГАУ тиэхиньикэтэ үлэлээтэ, “Авиалесоохрана” ФБУ үлэһиттэрэ, Приморьеттан көмөҕө кэлбит бу тэрилтэ десантниктара уонна олохтоох нэһилиэнньэттэн мобилизацияламмыт дьон уоту утары күүстээх үлэни ыыттылар. Билигин балаһыанньа хайдаҕын улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта, улуус дьаһалтатын ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Николай Александров бу курдук билиһиннэрэр:
Бу өрөбүллэргэ Сиэйэ, Түбэй-Дьаархан чугаһынааҕы 18-с нүөмэрдээх баһаар ликвидацияланна. Оттон 15-с нүөмэрдээх Куокуну сиригэр, Тэҥкэттэн 10 км тэйиччи, турбут баһаар билиҥҥитэ төгүрүтүлүннэ. Халлаан туругун билгэтинэн сарсын, оптуорунньукка, күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Инньэ гынан халлаан туруга көннө да, аҕыйах хонугунан бу 15-с нүөмэрдээх ойуур баһаара этэҥҥэ ликвидацияланыа диэн эрэнэбит.
Маны таһынан нэһилиэнньэлээх сирдэртэн ыраах 13-с, 17-с нүөмэрдээх ойуур баһаардара бааллар. Бу күннэргэ буруо хойдон бөртөлүөт көтөр кыаҕа суоҕа, онон дьону тириэрдии кыаллыбатаҕа. 17-с баһаары умуруорууга көмө күүс тириэрдиллиэхтээх.
“Сунтаар сонуннара” хаһыат.
Хаартыска Сунтаар улууһун дьаһалтатын ТГ-каналыттан ылылынна.

Forwarded from НВК САХА
🏡🤝👴🏻Сунтаар ытык кырдьаҕастарын дьиэлэрин благоустройствонан хааччыйарга үлэлэһэллэр
Сунтаар улууһун, Кэмпэндээйитээҕи «Россия Ийэлэрэ» уопсастыбаннай түмсүүтэ, улуус дьаһалтата ыыппыт «Народнай бюджет» бырайыагар кыттан аҕа саастаах ытык кырдьаҕаска, Архипов И .Н. дьиэтигэр благоустройство киллэрэргэ бырайыагы анал хамыыһыйаҕа көмускээн 100 тыһ-х субсидияны ылары ситистилэр.
Улуус баһылыгар Григорьев Анатолий Васильевичка, кини хамаандатыгар, сыл аайы элбэх киһи субсидия ылан олохторун дьаһахтарын тупсаралларыгар күүс көмө буолаларыгар олохтоохтор махталларын тиэрдэллэр.
@nvk_sakha

Сунтаардар өстөөхтөн саһар маскировка сеткатын оҥорон саҕалаатылар.
🪖Боевой дьайыыга аныгы технологиялар утарсыылара үгүс. Ол курдук, үөһэттэн көрөр харахтаах дроннар, квадрокоптердар көмөлөрүнэн ханнык точка охсуллуохтааҕын судургутук быһаараллар. Ол эрээри маннык түгэҥҥэ маскировочнай ситим олус көмөлөөҕүн байыастар бэйэлэрэ этэллэр.
🪖Дойду көмүскэлигэр сылдьар дьоммут тыыннаах хаалалларын уонна бааһырбатын туһугар республикаҕа "Боевые шелкопряды Якутии" диэн хамсааһын үлэлиир. Манна Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо Антонина Степанова кыттыһан, хаххалыыр сетканы оҥорого үөрэммит. Билигин ол сатабылын тарҕатан, маастар кылаастары көрдөрөн бу үлэ халыыба кэҥиэхтээх.
🪖Бастакы сырыыга син добуочча киһи, ол иһигэр кырачаан оҕолор эмиэ күүс-көмө буола кэллилэр. Мантан инньэ хас биирдии нэһилиэк, сорох тэрилтэлэр биирдии сетканы оҥордохторуна уҕараабат көмө буолуоҕа.
Онон бука бары маннык көдьүүстээх үлэҕэ кыттыһан күүс-көмө буолуохха. Бу туһунан волонтерскай хамсааһыны көҕүлээччи Жанна Макарова кэпсиир.👆

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Анал байыаннай дьайыыга нэһилиэнньэ көмөтө улахан.
🪖Дойду туһугар туруулаһа сылдьар уолаттарга сунтаардар сылаас таҥаһы, буорту буолбат аһылыгы, эми-тому хомуйан анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан ыыта тураллар. Билигин гуманитарнай пуун бастайааннай кэминэн үлэтин салҕыыр.
🪖Гуманитарнай көмө пуунугар күннэтэ дьон кэлэ турар. Бу соторутааҕыта бүтүн биир улахан массыына тиэйиилээх таҥас-сап, наадалаах мал-сал Дьокуускайга, сүрүн пууҥҥа ыытыллыбыта.
🪖"Корона" фирма салайааччыта Надежда Львова СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтин координаторынан буолар. Онон волонтерскай хамсааһыны өссө күүскэ сайыннарыыга, тупсарыыга хамаанда тэринэн үлэни ыыталлар.
Көмөлөһүөн, күүс-көмө буолуон баҕалаах дьон "Корона" маҕаһыын хонтуоратыгар илдьэн наадалаах тэрили, таҥаһы-сабы туттарыаххытын сөп.

✅Сунтаар үөрэнээччитэ экология миниистирин бириэмийэтин тутта
Дьиэ кэргэн уонна Оҕо-аймах сылын ииитинэн олохтоммут СӨ экология миниистирин бириэмийэтин Сунтаар үөрэнээччитэ Давид Зорин ылла.
👉 https://nvk-online.ru/new/suntaar-reneechchite-ekologiya-miniistirin-biriemijetin-tutta/