СУНТАРСКИЙ УЛУС 🕊️🕊️🕊️
3.49K subscribers
5.57K photos
1.2K videos
11 files
550 links
Официальный телеграм канал Сунтарского улуса
Download Telegram
Илимниир суолун тупсарыыга үлэ барыаҕа.

🔺️Илимниир суола урукку дьылларга тупсаҕай, үчүгэй суоллаах нэһилиэктэртэн биирдэстэрэ этэ. Оттон кэлин Обоччолоох карьерыттан кумаҕы, гравийы тиэйэр улахан уйуктаах массыыналар сырыылара элбээн быстар мөлтөөбүт. Маныаха улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна тутуу управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Юрий Афанасьев суол туругун көрдүлэр.

🔺️Билигин суол инчэҕэй эрдэҕинэ грейдеринэн астарар табыгаһа суох. Онон бу нэдиэлэ бүтүүтэ уутун-хаарын ыраастаан, оботторон баран дьаамалары бүөлүүр үлэ ыытыллыаҕа. Барыта 4 сиринэн 700 миэтэрэ уһуннаах сиргэ күргүөмнээх үлэ барыаҕа.

🔺️Быйыл бу суолу толору оҥоруу бырайыага экспертизаны аастаҕына инникитин хаачыстыбалаах, үйэлээх үлэ ыытыллан суол ньуура көнөн, сыыдам айан олохтонуоҕа.

@suntaar_ulus
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🏗🏛Кириэстээххэ Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов көрдөһүүтүнэн тутулла турар култуура дьиэтин туһунан сиһилии улуус баьылыга Анатолий Григорьев кэпсиир👆

Үлэ хаамыыта хайдах баран иһэрин анал устууга көр.

@suntaar_ulus
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🤼🤸‍♂️👏 Маар-Күөллэр саҥа спортивнай саалалара үлэҕэ киирэрин долгуйа кэтэһэллэр. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев бу нэһилиэк спорка олус көхтөөҕүн бэлиэтээн этэр.

Тутуу олус хаачыстыбалаахтык оҥоһулла турар. Бу туһунан анал устууга көр👆

@suntaar_ulus
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Кэҕэ этэн чоргуйар.

🌿😍👏 Бүгүн култуура эйгэтин үлэһиттэрэ сынньалаҥ пааркатыгар тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэ сылдьан кэҕэ этэрин туоһулара буоллулар.

Ньукуолун буолуо быдан эрдэттэн, кэҕэ этэн чоргуйарын үөрэ иһиттибит👍 Сайын кэлбитинэн эҕэрдэ!!!

@suntaar_ulus
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
😍😍😍Сунтаар олохтооҕо сайылыкка тахсан маҥнайгы кэҕэни кэрэхсии иһиттэ. Көрүҥ эрэ, уһун унньуктаах кыһыннаах дьон үөрүүбүт муҥура суох буоллаҕа.

Сотору кэминэн Аар айылҕабыт кэҕэ, чыычаах, көтөр-сүүрэр саҥатынан туолан сайын кэлиитин уруйдуохтара.

@suntaar_ulus
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Пилотнай авиацияны сайыннарыыга стратегическай хайысха үлэлиир.

✅️"Беспилотнай авиационнай системалар" национальнай бырайыак олоххо киирдэ. Ол чэрчитинэн кэлиҥҥи алта сылга дойдуга экономика кэскиллээх тутулун быһыытынан, гражданскай пилотниктары оҥорууну уонна туһаныыны толору баһылааһын үлэтэ барыахтаах.

✅️Республика 17 оскуолатыгар уонна 1 сибээс техникумугар дроннары үөрэтэр, сайыннарар кииннэр үлэлээн саҕалыахтара. Сунтаардааҕы политехническэй лицей куонкуруска кыайыылаах буолан 12,5 мөлүйүөн солкуобайдаах оборудованиены аҕалан туруоруоҕа. Билигин сайдыыны түстүүр саҥа киин дьиэтин-уотун өрөмүөннүүр үлэтэ бара турар.

✅️Ыраас эйгэҕэ, экологияҕа, ойуур баһаарыгар о.д.а. хайысхаларга туһаныллар дроннары кытта үлэлиир киин аныгы технологияны баһылыырга, саҥа системалары айарга, сатаан өрөмүөннүүргэ үөрэтэн таһаарыаҕа. 12 миэстэлээх анал кабинекка нэдиэлэҕэ 60-70 оҕо дьарыктанар кыахтаныаҕа.

✅️Биллэн турар маннык көтөр аппарааттары кытта үлэлииргэ билиилээх специалистар наадалар. Билигин лицей 6 сыһыаннаах дьону анал үөрэххэ үөрэтэ сылдьар. Өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэн бэс ыйын ортото толору кэмпилиэк оборудование кэлэн туруоҕа. Оччотугар от ыйын саҕана үөрүүлээх быһыыга саҥа эбийиэги арыйыахтара.

@suntaar_ulus
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Илимниир суолун дьылҕата хайдах буолуоҕай?

▶️Сунтаарга олус ардахтаах күннэр тураннар, ойуур хаара элбэҕинэн сибээстээн, ону тэҥэ улахан уйуктаах техникалар айаннарыттан сылтаан о.д.а. кыһалҕалартан сиэттэрэн Илимниир суола алдьаммытын туһунан социальнай ситим нөҥүө хаартыскалар, видеолар тарҕаналлар.

▶️Муниципальнай суолталаах суолу улуус дьаһалтата көрөр-истэр. Маныаха 2022 сылтан саҕалаан улахан бырайыагы олоххо киллэрээри үлэни ыытар. Кырамда үрэҕэр муостаны тутуу уонна 15 килэмиэтир уһуннаах сири үйэлээхтик оҥорууга үлэ бара турар. Биллэн турар, маннык баараҕай үлэни олоххо киллэрэргэ элбэх дөкүмүөн, экспертиза, сыра-сылба эрэйиллэр. Онон олохтоохтор өйдүүргүтүгэр ыҥырабыт.

Бу туһунан бырайыакка быһаччы үлэлии сылдьар тутуу управлениетын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Юрий Афанасьев иһитиннэрэр.

@suntaar_ulus
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Быйыл Сунтаарга кус-хаас олус элбэх👍

Онон кусчут эр дьон абыраннылар. Ньукуолуҥҥа хотойорунан кус миинин астына-дуоһуйа, сырылаччы иһиэхпит😋😀
Элгээйигэ врачебнай амбулатория тутуутун үлэтин көрдүлэр.

🏗🏛Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев тутуу былаһааккаларыгар үлэтин салгыыр. Бүгүн "Доруобуйа харыстабылын систиэмэтин модернизациялааһын" федеральнай программанан тутуллан саҕалаабыт врачебнай амбулаторияны көрдүлэр.

Нэһилиэнньэҕэ олус наадалаах уонна күүтүүлээх тутуу атырдьах ыйын бүтүүтэ саҕаламмыта. Кэтит-киппэ, 12 миэтэрэ уһуннаах сыбаайалары түһэриигэ республика баһылыга Айсен Николаев кыттыыны ылбыта.

Билигин манна сүрүн үлэ саҕаланыар диэри 15 киһи үлэлии сылдьар. Монолитнай плитатын опалубката уонна армированиета оҥоһуллан бүтэн турар. Күн сарсын бетону кутуу үлэтэ саҕаланыаҕа.

726 кв.миэтэрэ иэннээх эбийиэги "Северо-восток стройдизайн" тэрилтэ тутар. Үчүгэйэ диэн прорабынан олохтоох уопуттаах тутааччы Андрей Варламов үлэлиир.

@suntaar_ulus
Кэмпэндээйигэ котлованнай систиэмэнэн элбэх квартиралаах дьиэ тутуллан саҕалаата.

✅️Кэмпэндээйи сирэ-уота ураты буолан таас дьиэни дьэндэтэн таһаарыы судургу буолбатах. Сир анныгар уулаах сирдэргэ, маннык бетон-плита дьапталҕа үрдүгэр дьиэлэри тутуу уопута Дьокуускай 203 микрооройуонугар эрэ туһаныллыбыта. Манна 18 миэтэрэ уһуннаах гидрогеологическай трубканы сир анныгар уган уу таһымын, температурнай көрдөрүүтүн хонтуруоллууллар.

✅️Дьапталҕатын оҥорон бүтэрдэхтэринэ 20 устуука холуонналары түһэрэн дьиэни бэйэтин тутан саҕалыахтара.
3 этээстээх, 32 квартиралаах таас эбийиэк "Хаарбах туруктаах дьиэттэн олохтоохтору көһөрүү" федеральнай программанан тутуллар.

✅️Бэдэрээччигинэн Кэмпэндээйиттэн төрүттээх "НИДСТРОЙ" тутуу тэрилтэтин салайааччыта Герман Терянов буолар. "Маннык улууска ыытыллар баараҕай тутуулары олохтоох дьон ылсан үлэлииллэрэ кэрэхсэбиллээх уонна хаачыстыбалаах эбийиэк буолуоҕа" - диэн Анатолий Григорьев санаатын этэр.

✅️Кэмпэндээйигэ өссө биир үөрүүлээх түгэнинэн Дойду президенэ Владимир Путин резевнэй пуондатын үбүлээһининэн оскуола-саад тутуллуоҕа. Бырайыак муус устар ыйыгар федеральнай хамыыһыйа көрүүтүгэр барбыта.

@suntaar_ulus
Илимниир суолун тула дьон кэпсэтиититтэн👇

"Уоскуйун, билигин суол барыта алдьанан турар. Бу федеральнай суол эмиэ дьаабы🙄"

"Оннук ээ! Ама да буолтун иһин ардаҕы саба туппат буоллахтара!"

"Ити улахан массыыналары тохтотуохха наада😡"

"Ардах тохтуу түһэрэ буоллар син саргайар ини."