Forwarded from ДМИТРИЙ ТИХОНОВ
Бүгүн Ходоро нэһилиэгэр
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ
Василий Васильевич Скрябин аатын сүгэр Чүүйэ орто оскуолата төрүттэммитэ 75 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх түгэнигэр кыттыыны ыллым.
Чүүйэҕэ бастакы оскуола 1948 сыллаахха тэриллибитэ.
Күн бүгүн директор Милан Михайлович Илларионов салалтатынан оскуола коллектива таһаарыылаахтык үлэлиир.
1990 сыллаахха
РСФСР Верховнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Борис Николаевич Ельцин
Михаил Ефимович Николаевы кытта Чүүйэ оскуолатыгар ыалдьыттаабыттара.
Бу сырыы түмүгүнэн, сотору кэминэн саҥа киэҥ-куоҥ, сырдык-ыраас таас оскуола тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
Билигин оскуолаҕа 86 үөрэнээччи, уһуйааҥҥа 22 оҕо иитиллэ-такайылла,
үөрэҕи-билиини сомсо сылдьаллар.
Чүүйэ сириттэн Чоочо баайтан саҕалаан,
Үлэ Албан Аат уордьан толору кавалера Андрей Дмитриевич Дмитриев, бас-көс дьоммут Василий Васильевич Скрябин, Филипп Гаврильевич Охлопков, Василий Константинович Степанов курдук саха саарыннара тахсыбыттара.
Баҕарыам этэ инникитин даҕаны үөрэхпит кыһатыттан куорсун анньынан, төрөөбүт дойдубут сайдыытыгар үлэлиир-хамсыыр, дьоһун олох олорор бастыҥ ыччаттар тахса туралларыгар!
@dmitriytikhon0v

Бүгүн Тараҕай нэһилиэгэр үөрэхтээһин тэриллибитэ 105 сылын бэлиэтээтибит.
Оскуолабыт
Федерация Сэбиэтин чилиэнэ, Дойдубут үтүөлээх экэнэмииһэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, экономическай билим дуоктара, «Үлэ килбиэнэ» бэлиэ хаһаайына
Роберт Андреевич Бурнашов аатын сүгэр.
Мин аан маҥнай оскуола боруогун манна атыллаабытым.
Валентина Ивановна Левина илиитигэр киирэн үөрэхпитин саҕалаабыппыт.
Бу санаатахха, кини, үөрэҕи эрэ буолбакка, норуот муудараһын, төрүт культуратын, норуот быһыытынан уратыбытын тугу да улаханнык удумаҕалаппат кырачаан, уу ньулдьаҕай оҕолорго иҥэрбит, үөрэппит эбит.
Билигин олорон ытык киһибитигэр махтана саныыбын.
Кини курдук бу оскуолаҕа араас сылларга бастыҥ учууталлар үлэлээбиттэрэ,
ол түмүгэр билим кандидаттара, суруналыыстар, суруйааччылар, поэттар, норуот хаһаайыстыбатын бары эйгэтигэр бастыҥ, туруу үлэһит дьон иитиллэн тахсыбыттара.
Бу күн Наталья Вацлавовна Бурнашева салайааччылаах Табаҕа орто оскуолатыгар 98 оҕо үөрэнэр, 24 педагогическай коллектив, 17 үлэһит улууспут биир бастыҥ, биллэр-көстөр үлэлээх оскуолатын быһыытынан айаллар-туталлар.
Баҕарыам этэ оҕолорбут ситиһиилэринэн күннэтэ үөрдэллэригэр, үөрэҕи-билиини баһылаан дойдубутун ааттатар дьон буолан тахсалларыгар!

Предложи лучшие имена талисманам VIII Международных спортивных игр «Дети Азии»!
Объявлен конкурс на лучшее имя для талисманов VIII Международных спортивных игр «Дети Азии» - мамонта и бурундука.
✅Принять участие в конкурсе может каждый. Для участия необходимо:
-придумать запоминающиеся и интересные имена (мужское имя для мамонта, женское имя для бурундука)
- написать свои варианты в комментариях к посту о конкурсе в социальной сети "ВКонтакте". Количество вариантов не ограничено. https://vk.com/wall532632737_20359
Конкурс продлится до 23 октября. По итогам будут выбраны 3 лучших варианта для каждого талисмана. Далее пройдет голосование на лучшие имена.
Станьте частью самого крупного спортивного события в России 2024 года!
t.me/aisen_nikolaev

Forwarded from Минобрнауки Якутии
☀️ Саха дьонугар олоҥхобут аан дойдуга тиийэ аатыран, духуобунай шедевр быһыытынан сыаналаммыта киэн туттуубут. Олоҥхо философиятын чинчийэн, дириҥник үөрэтэн, кэлэр кэскилбитигэр тиэрдэр учуутал (иитэээччи) - уһуйааччы ытык иэһэ. Уһуйааччы үлэтин түмэн бар дьон көрүүтүгэр таһаарыы биир суолталаах хайысха буолар.
«Учуутал уонна уһуйааччы сылын” чэрчитинэн киһи сирдээҕи аналын туһунан өйдөбүлү олоҥхоҕо тирэнэн, иитэр-үөрэтэр хайысхалаах, ураты тыыны көрдөрөр олус интэриэһинэй сонун тэрээһин «СЫЛ БАСТЫҤ УҺУЙААЧЧЫТА-2023» I өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхону толорууга уһуйааччы маастар-педагогтар күөн-күрэстэрэ Дьокуускай куорат Айыы кыһатын гимназиятыгар үрдүк таһымнаахтык аан-бастаан ыытылынна.
👩🏫 Күрэскэ барыта 10 уһуйааччы Мэҥэ-Хаҥалас, Ньурба, Кэбээйи, Бүлүү, Амма, Чурапчы, Нам улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан икки күн устата аһаҕас дьарык ыыттылар, тус үлэлэрин хайысхатын быыстапка быһыытынан арыйан көрдөрдүлэр.
Сиhилии бу ссылканнан киирэн аагын: https://clck.ru/366c4c
#ГПН_2023 #ГодПедагогаНаставника