Forwarded from МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС
БААТАРА ОСКУОЛАТЫН ИНКУБАТОРЫГАР БАСТАКЫ ЧОППУУСКАЛАР ТАҔЫСТЫЛАР
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатынан Баатара орто оскуолатыгар муус устар 22 күнүгэр, Аан дойдутааҕы Ийэ Сирбит күнүгэр, бастакы чоппуускалар күн сирин көрдүлэр.
Кулун тутар ыйыгар Баатара оскуолатыгар саҥа сүүрээн быһыытынан «Рост» агролаборатория аһыллан оҕолор гидропоникаҕа кылгас кэм иһигэр күөх үүнээйини, оҕурсуну үүннэрэн бастакы астарын ылбыттара.
Лаборатория олоххо киириитигэр «Саха сиригэр гражданскай көҕүлээһиннэри өйүүр уонна сайыннарар биир кэлим ресурснай киин» пуондата уонна биир дойдулаахпыт, СӨ баһылыга кыттыылаах сайдыылаах уонна үтүө туруктаах буолуу Сэбиэтин чилиэнэ Людмила Николаева улахан күүс-көмө буолбуттара.
Агролаборатория үөрүүлээх арыллыытыгар Людмила Валерьевна оҕолор эбии үөрэтэр-чинчийэр хайысхалара кэҥээтин диэн Ил Дархан Айсен Сергеевичтыын инкубатордары уонна сымыыттары бэлэх ууналларын туһунан иһитиннэрбитэ.
Салгыыта⏬️⏬️⏬️

Forwarded from МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС Chat
⏬️⏬️⏬️
Муус устар саҕаланыытыгар Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын сымыыттарынан толору хаачыллыбыт икки 70-наах уонна биир 20-лээх инкубатордар оннуларын булан, күн бүгүн номнуо бастакы чоппуускаларын таһаардылар.
Оскуола дириэктэрэ Геннадий Макаров, интернакка иитээччинэн үлэлиир Софрон Винокуров көтөрдөрү инкубатордаан таһаарарга Дьабыылга баһылык гранын ылары ситиһэн көтөр пиэрмэтин бэрт ситиһиилээхтик үлэлэтэ турар Лариса Ивановаҕа баран үөрэммиттэрэ.
Билбит билиилэрин бырайыак салайааччытыгар, алын сүһүөх учууталыгар Александра Матвееваҕа тиэрдэн, үөрэнээччилэр күннэтэ көрөн-истэн, кэлбит сымыыттартан 80%-нын таһааран, аһатан-сиэтэн сап-саһархай көп түүлээх кырачаан чоппуускалары атахтарыгар туруордулар.
Бу үлэ тиһигин быспакка, инкубатордар салгыы үлэлииллэригэр диэн улуус салалтата Москва куораттан 160 бройлернай куурусса сымыытын сакаастаан ыллаттаран оскуолаҕа тиксэрдэ.
Бүгүн, сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр иитэллэригэр, үөрэтэр чинчийэр үлэни ыыталларыгар
чоппуускалары оскуола оҕолоругар аһыыр бурдуктарын, битэмииннэрин кытта түҥэттилэр. Ону тэҥэ, нэһилиэк баҕалаах олохтоохторугар бэлэх ууннулар.
Саҥа кэлбит бройлернай кууруссалар сымыыттарын инкубатордаан таһааралларыгар 6-8 кылаас үөрэнээччилэригэр куонкурус биллэрбиттэр. Куонкуруһу кыайбыт икки оҕо салгыы көрөн-истэн, бырайыагы иилээн-саҕалаан ыыталларыгар кыах бэриллэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

УЛУСНЫЙ КОНКУРС «ЦВЕТИ И КРЕПНИ, ЯКУТИЯ МОЯ!»
Подведены итоги дистанционного улусного конкурса «Цвети и крепни, Якутия моя!». В этом году он посвящен Году Семьи в Российской Федерации, Году Детства в Республике Саха (Якутия), 150-летию образования в Мегино-Кангаласском улусе.
Всего на конкурс поступило 84 работы из 14 дошкольных образовательных учреждений улуса. Из них:
• 48 стихов
• 22 проекта
• 13 семейных видеороликов.
Итоги конкурса: http://uuo-mk.ru/news/itogi_ulusnogo_konkursa_cveti_i_krepni_jakutija_moja/2024-05-06-2469