Крестяхская библиотека
408 subscribers
7.55K photos
223 videos
14 files
526 links
Новости, события, мероприятия не только из библиотечной жизни....
Download Telegram
🌲🌲🌲 Сайылык Уола сылын аайы Пушкин күнүгэр дьиэ кэргэнинэн кэлэн кыттар үгэстээх. Бу сырыыга кэргэнэ Ия Валерьевналыын ыалдьыттаата. "Аһаҕас микрофон" киниэхэ куруук аһаҕас. Анаарыылар, хоһоонноруттан ааҕыы, айар үлэ тула санаалар, Пушкиҥҥа бэйэтин көҥүл тылбааһа барыта истээччигэ туһуланар. Кэлбит дьон бу күннэргэ Сайылык Уола "Аарыма" сэһэн салҕыытын саҕалаабытын сэргии, үөрэ иһиттилэр.

📸📸📸⬇️⬇️⬇️🖊️🖊️🖊️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍29🔥4👏32
🤩🤩🤩🤩 "Пушкинская", "Сказочная", "Игровая", "Конкурсная" станцияларынан кэлбит дьон литературнай оонньуу - айаҥҥа кытыннылар. Олус интэриэһинэй сэргэх оонньууну нуучча тылын учуутала Саяна Саввинова бэлэмнээн библиотекарь Галина Намыловалыын ыытта. Кыргыттар сорудахтарыгар бары да көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ордук элбэх балл ылан Галина Варламова, Лидия Данилова - Илгийэ бэлиэтэннилэр.

📸📸📸🆎🆎🆎🆎⬇️⬇️⬇️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍34🔥43👏2🥰1
🖼️🖼️🖼️ Төгүрүк остуолга хаһаайка Марианна Васильева – Умтичаана олус сонун кэпсээнин иһиттилэр. Эдэр кыыс Москубанан Пятигосркайынан мүлчүргэннээх айанын, онно атыыласпыт Лермонтов – Пушкин кинигэтэ хайдах эдэр сааһын өйдөбүлэ буолбутун бу баардыы кэпсээн сөхтөрдө. Любовь Никифорова эмиэ туспа Пушкиҥҥа анаан сонуннардаах буолар. Эдьиийэ Агафья Федорова Пушкин айар үлэтин улахан сүгүрүйээччитэ. Тэрээһиҥҥэ анаан наар эҕэрдэтин ыытар үтүө үгэстээх. Галина Варламова олус эрудированнай ааҕааччы. Пушкин остуоруйаларын, айымньыларын өйдүүрүнэн сылын аайы сөхтөрөр. Бу сырыыга “Кустук” түмсүү аатыттан эҕэрдэтин тиэртэ, саҥа килиип тахсыбыт устуоруйатын туһунан билиһиннэрдэ. Лидия Данилова – Илгийэ, Альберт Данилов чахчы маннык көрсүһүүлэр, түмсүүлэр, тэрээһиннэр дьону түмэргэ, алтыһан, кэпсэтэн ааһарга олус бэрт тирэх буолаллар диэн эттилэр, хаһаайыттарга Юрий, Марианна Васильевтарга барыбыт аатыттан улахан махталларын тиэртилэр.

🪑🍴🎁 Кулуһуҥҥа буспут куөс, итии чэй, кымыс, сибиэһэй күстэх, алаадьы, салааттар, сылгы иһэ сандалыны толору киэргэттэ.

🖼️🖼️🖼️ Сынньалаҥҥа араас быыстапкалары көрүү, хаһаайыстыбаҕа экскурсия тэрилиннэ.

⤵️⤵️⤵️📸📸📸🌿🌿🌿
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏33👍6🔥32