«МАНЧААРЫ» МИНИ-ФУТБОЛ ХАМААНДАТА ‒ ИННИКИ КҮӨҤҤЭ
⚽️ Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Манчаары» мини-футболга хамаандата Дьокуускай куорат Куубагын хаһаайынынан буолбут үөрүүлээх сонуна биир дойдулаахтарын сүргэлэрин көтөҕүөн көтөхтө.
🏆 🥇 Олунньу ыйтан саҕаламмыт улахан эппиэттээх турнирга саалаҕа оонньонор өрөспүүбүлэкэбит футболга лиигаларыттан уопсайа 32 хамаанда кытынна. Күрэхтэһии олимпийскай систиэмэнэн барда. Хотторбут хамаандалар турниртан туораан истилэр.
«Манчаарылар» үрдүкү лиигаҕа Куубак хаһаайыннарын быһаарар эппиэттээх көрсүһүүгэ финалга Дьокуускайтан Физическэй култуураҕа уонна маассабай успуорка управлениетын (УФКиМС) хамаандатын 5:1 ахсаанынан итэҕэтиилээхтик кыайдылар.
👍 👏 Хамаанда үрдүк ситиһиитин Айсен Саввин «Бастыҥ вратарь», Альберт Цыпандин «Бастыҥ оонньооччу» анал ааттарынан бэлиэтэнэн өссө бигэргэтэн, чиҥэтэн биэрдилэр.
‒ Бу анал аат финалга көрсүһүү түмүгүнэн эрэ бэриллибэт, ‒ диир «Бастыҥ вратарь» аатын сүкпүт Айсен Саввин. ‒ Турнир устата оонньуулар барыта учуоттаналлар. Мин бу аакка хамаандам көмөтө, өйөбүлэ суох тиксибэтим чахчы. Онон хамаанда бүттүүнүн үтүөтэ, өҥөтө диэн сыаналыыбын.
Сиһилии🌸
@gazetaerkeii
@ulusmedia
⚽️ Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Манчаары» мини-футболга хамаандата Дьокуускай куорат Куубагын хаһаайынынан буолбут үөрүүлээх сонуна биир дойдулаахтарын сүргэлэрин көтөҕүөн көтөхтө.
«Манчаарылар» үрдүкү лиигаҕа Куубак хаһаайыннарын быһаарар эппиэттээх көрсүһүүгэ финалга Дьокуускайтан Физическэй култуураҕа уонна маассабай успуорка управлениетын (УФКиМС) хамаандатын 5:1 ахсаанынан итэҕэтиилээхтик кыайдылар.
‒ Бу анал аат финалга көрсүһүү түмүгүнэн эрэ бэриллибэт, ‒ диир «Бастыҥ вратарь» аатын сүкпүт Айсен Саввин. ‒ Турнир устата оонньуулар барыта учуоттаналлар. Мин бу аакка хамаандам көмөтө, өйөбүлэ суох тиксибэтим чахчы. Онон хамаанда бүттүүнүн үтүөтэ, өҥөтө диэн сыаналыыбын.
Сиһилии
@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
«Кэм-кэрдии кэрэһитэ» – киэҥ ис хоһоонноох быыстапка
⌛️ Устуоруйаны кэрэһилиир малы-салы энчирэппэккэ кичэллээхтик харайан уура сылдьар, кэмиттэн кэмигэр дьон көрүүтүгэр таһаарар туспа дьоҕур.
🕰️ Майаҕа Р.Г.Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр улуустааҕы түмэлгэ үлэ, тыыл бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото Тамара Константиновна Скрябина үгүс сыллар усталара муспут эгэлгэ кэллиэксийэтин «Кэм-кэрдии кэрэһитэ» быыстапката ыам ыйын 7-17 күннэригэр туруоруллан дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылла. Манна 2004 сылтан истиэнэ, 2006 сылтан быһыллар уонна сахалар былыргы халандаардара көрбүтү эрэ умсугута туруоруллубуттар. Маны сэргэ Ленин, Сталин үбүлүөйдээх сылларынан тахсыбыт истиэнэ халандаардара устуоруйаны кэпсии тураллар. Витриналарга былаат эгэлгэтэ сууланан сытар: 1957 с. ыал буоларыгар бэлэхтээбит былааттарыттан саҕалаан 1959 с. нуучча учуутала бэлэхтээбит турецкай былаата, таиландскай, нуучча, саха, бэйэтэ тикпит, Париж, Рим башнялара ойуулардаах, о.д.а. Араас кэрэ быһыылаах ньаалбаан хопполор, сүүһүнэн уруучука, сувенирдар таас долбуурдарга тилэри ууруллубуттар.
📆 Тамара Константиновнаны билэр дьон кини кэллиэксийэтэ олус баайын, манна сорҕото кыайан аҕалыллыбатаҕын этэллэр.
Сиһилии🍎
@gazetaerkeii
@ulusmedia
Сиһилии
@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
Паромное сообщение между Якутском и Нижним Бестяхом начнёт работать примерно 23–25 мая
⚡Сейчас на паромной переправе идут подготовительные работы.
⚡Сейчас на паромной переправе идут подготовительные работы.
@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Улууска үөрэхтээһин төрүттэммит бэлиэ сиригэр лиидэр уолаттар баһылыктыын көрүстүлэр
📚 Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһин 150 сыл анараа өттүгэр Ороссолуода оскуолатыттан саҕаламмыта. 1874 сыллаахха тохсунньу 19 күнүгэр норуодунай оскуола быһыытынан аһыллыбыт Ороссолуода оскуолата бэрт элбэх көлүөнэ дьону иитэн-үөрэтэн олох киэҥ аартыгар үктэннэрбитэ.
📝 Бүгүн үөрэхтээһин төрүттэммит сиригэр-уотугар Ороссолуода нэһилиэгэр улуус оскуолаларын лиидэрдэрэ, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылар, дириэктэр сүбэһиттэрэ уонна улуус баһылыга Дмитрий Тихонов үөрэх эйгэтигэр устуоруйа умнуллубат кэрэһитэ буолан ааспыт дойдутугар муһуннулар.
💐 Үөрүүлээх тэрээһин Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһини төрүттээбит Герасим Иванович Соловьев пааматынньыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланна. Улуу киһи Герасим Соловьев сырдык аатын кэриэстээн, бастакынан сибэкки дьөрбөтүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов, Ороссолуода нэһилиэгин баһылыга Илья Макаров, улуустааҕы үөрэх салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Ирина Плотникова, «Мэҥэ Кэскилэ» улуустааҕы оскуола оҕолорун сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Егор Матчитов, Ороссолуода орто оскуолатын лиидэрэ Арсений Заровняев уонна Г.И.Соловьев удьуорун туһунан кинигэ бырайыагын салайааччы, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Софья Дмитриева уурдулар.