Бырайыак чэрчитинэн ылыллыбыт остуол оонньуутугар күрэхтэстилэр
🎲 «Кыталык» уопсастыбаннай кииҥҥэ инбэлииттэр уопсастыбаларын чилиэннэрэ кыттыылаах спортивнай остуол оонньууларыгар “Вместе за равные возможности” диэн ааттаммыт үһүс чөмпүйэнээт буолан ааста.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу чөмпүйэнээт “Алмазэргиэнбаан” АО АКБ ыыппыт “Алмазэргиэнбаан 30 үтүө дьыалата” күрэххэ киин бибилэтиэкэ иһинэн “Мегино-ИНТЕЛЛЕКТ” тэрилтэ грант өйөбүлү ылбыт бырайыага буолар.
♟️ Бырайыак чэрчитинэн сэттэ спортивнай остуол оонньуутугар (Джакколо стандарт, Матрешка стандарт, Кульбутто спорт, Эластик венге, Керлинг стандарт, Боулинг стандарт, Шаффлборд стандарт) доруобуйаларынан хааччахтаах дьон кыттыыны ыллылар. Күрэх сүрүн сыалынан инбэлииттэр уопсастыбаҕа көхтөөх кыттыыларын сайыннарыы, күүһүрдүү буолар.
🤝 Грант олоххо киирэрэригэр “Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Неустроев оонньуулар Москваттан кэлэр төлөбүрдэрин уйуммутун бэлиэтээбиппит. Чөмпүйэнээти ыытарбытыгар мэссэнээт, урбаанньыт Руслан Федотов, урбаанньыт Дмитрий Катакинов («Талер» маҕаһыын) бириис туруоран күүс-көмө буоллулар.
Сиһилии🌸
@gazetaerkeii
@ulusmedia
🎲 «Кыталык» уопсастыбаннай кииҥҥэ инбэлииттэр уопсастыбаларын чилиэннэрэ кыттыылаах спортивнай остуол оонньууларыгар “Вместе за равные возможности” диэн ааттаммыт үһүс чөмпүйэнээт буолан ааста.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу чөмпүйэнээт “Алмазэргиэнбаан” АО АКБ ыыппыт “Алмазэргиэнбаан 30 үтүө дьыалата” күрэххэ киин бибилэтиэкэ иһинэн “Мегино-ИНТЕЛЛЕКТ” тэрилтэ грант өйөбүлү ылбыт бырайыага буолар.
♟️ Бырайыак чэрчитинэн сэттэ спортивнай остуол оонньуутугар (Джакколо стандарт, Матрешка стандарт, Кульбутто спорт, Эластик венге, Керлинг стандарт, Боулинг стандарт, Шаффлборд стандарт) доруобуйаларынан хааччахтаах дьон кыттыыны ыллылар. Күрэх сүрүн сыалынан инбэлииттэр уопсастыбаҕа көхтөөх кыттыыларын сайыннарыы, күүһүрдүү буолар.
Сиһилии
@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
«МАНЧААРЫ» МИНИ-ФУТБОЛ ХАМААНДАТА ‒ ИННИКИ КҮӨҤҤЭ
⚽️ Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Манчаары» мини-футболга хамаандата Дьокуускай куорат Куубагын хаһаайынынан буолбут үөрүүлээх сонуна биир дойдулаахтарын сүргэлэрин көтөҕүөн көтөхтө.
🏆 🥇 Олунньу ыйтан саҕаламмыт улахан эппиэттээх турнирга саалаҕа оонньонор өрөспүүбүлэкэбит футболга лиигаларыттан уопсайа 32 хамаанда кытынна. Күрэхтэһии олимпийскай систиэмэнэн барда. Хотторбут хамаандалар турниртан туораан истилэр.
«Манчаарылар» үрдүкү лиигаҕа Куубак хаһаайыннарын быһаарар эппиэттээх көрсүһүүгэ финалга Дьокуускайтан Физическэй култуураҕа уонна маассабай успуорка управлениетын (УФКиМС) хамаандатын 5:1 ахсаанынан итэҕэтиилээхтик кыайдылар.
👍 👏 Хамаанда үрдүк ситиһиитин Айсен Саввин «Бастыҥ вратарь», Альберт Цыпандин «Бастыҥ оонньооччу» анал ааттарынан бэлиэтэнэн өссө бигэргэтэн, чиҥэтэн биэрдилэр.
‒ Бу анал аат финалга көрсүһүү түмүгүнэн эрэ бэриллибэт, ‒ диир «Бастыҥ вратарь» аатын сүкпүт Айсен Саввин. ‒ Турнир устата оонньуулар барыта учуоттаналлар. Мин бу аакка хамаандам көмөтө, өйөбүлэ суох тиксибэтим чахчы. Онон хамаанда бүттүүнүн үтүөтэ, өҥөтө диэн сыаналыыбын.
Сиһилии🌸
@gazetaerkeii
@ulusmedia
⚽️ Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Манчаары» мини-футболга хамаандата Дьокуускай куорат Куубагын хаһаайынынан буолбут үөрүүлээх сонуна биир дойдулаахтарын сүргэлэрин көтөҕүөн көтөхтө.
«Манчаарылар» үрдүкү лиигаҕа Куубак хаһаайыннарын быһаарар эппиэттээх көрсүһүүгэ финалга Дьокуускайтан Физическэй култуураҕа уонна маассабай успуорка управлениетын (УФКиМС) хамаандатын 5:1 ахсаанынан итэҕэтиилээхтик кыайдылар.
‒ Бу анал аат финалга көрсүһүү түмүгүнэн эрэ бэриллибэт, ‒ диир «Бастыҥ вратарь» аатын сүкпүт Айсен Саввин. ‒ Турнир устата оонньуулар барыта учуоттаналлар. Мин бу аакка хамаандам көмөтө, өйөбүлэ суох тиксибэтим чахчы. Онон хамаанда бүттүүнүн үтүөтэ, өҥөтө диэн сыаналыыбын.
Сиһилии
@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
«Кэм-кэрдии кэрэһитэ» – киэҥ ис хоһоонноох быыстапка
⌛️ Устуоруйаны кэрэһилиир малы-салы энчирэппэккэ кичэллээхтик харайан уура сылдьар, кэмиттэн кэмигэр дьон көрүүтүгэр таһаарар туспа дьоҕур.
🕰️ Майаҕа Р.Г.Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр улуустааҕы түмэлгэ үлэ, тыыл бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото Тамара Константиновна Скрябина үгүс сыллар усталара муспут эгэлгэ кэллиэксийэтин «Кэм-кэрдии кэрэһитэ» быыстапката ыам ыйын 7-17 күннэригэр туруоруллан дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылла. Манна 2004 сылтан истиэнэ, 2006 сылтан быһыллар уонна сахалар былыргы халандаардара көрбүтү эрэ умсугута туруоруллубуттар. Маны сэргэ Ленин, Сталин үбүлүөйдээх сылларынан тахсыбыт истиэнэ халандаардара устуоруйаны кэпсии тураллар. Витриналарга былаат эгэлгэтэ сууланан сытар: 1957 с. ыал буоларыгар бэлэхтээбит былааттарыттан саҕалаан 1959 с. нуучча учуутала бэлэхтээбит турецкай былаата, таиландскай, нуучча, саха, бэйэтэ тикпит, Париж, Рим башнялара ойуулардаах, о.д.а. Араас кэрэ быһыылаах ньаалбаан хопполор, сүүһүнэн уруучука, сувенирдар таас долбуурдарга тилэри ууруллубуттар.
📆 Тамара Константиновнаны билэр дьон кини кэллиэксийэтэ олус баайын, манна сорҕото кыайан аҕалыллыбатаҕын этэллэр.
Сиһилии🍎
@gazetaerkeii
@ulusmedia
Сиһилии
@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM