БИБЛИО - ИНФО - ӨРТ 📚📚📚
98 subscribers
1.6K photos
230 videos
16 files
120 links
Download Telegram
Бүгүн, ыам ыйын 6 күнүгэр тыыл, үлэ бэтэрээнэ, ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Горнай оройуон бочуоттаах олохтооҕо Татьяна Ивановна Захарова, кини сырдык аатын үйэтитэр Солоҕоннооҕу врачебнай амбулаторияҕа өйдөбүнньүк бэлиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы, ол кэннэ үтүө киһини ахтан-санаан ааһар истиҥ көрсүһүү долгутуулаах түгэннэрэ буолла.
Бэлиэ тэрээһиҥҥэ үгүс киһи кэлэн ыраахтан-чугастан кэлэн кытыннылар. Кинилэр Татьяна Ивановна олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан ахтан –санаан сүрдээх истиҥ ахтыылары оҥордулар.