Олунньу 10 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🔸 ХНТ — Туораахтаах бобтуҥу үүнээйилэр (горох, соя, фасоль уо.д.а.) аан дойдутааҕы күннэрэ[1]
🔸 Арассыыйа — Дипломатия үлэһитин күнэ
🔸 Арассыыйа — Александр Сергеевич Пушкин кэриэстэбилин күнэ
🔸 Италия — Үүрүллүбүттэри уонна Фойба сиэртибэлэрин кэриэстиир күн (Giorno del ricordo). Иккис аан дойду сэриитин кэнниттэн Истрия уонна Далмация (Югославия) сирдэриттэн 230-350 тыһ. олохтоох итальянеһы күүһүнэн көһөрбүттэрэ. Бу күн 1947 сыллаахха Парижтааҕы эйэ сөбүлэҥинэн урукку Италия сирдэрэ Югославияҕа бэриллибиттэрэ
🔸 Эритрея — Фенкил күнэ. 1990 сыллаахха Эритрея сэриилэрэ Эфиопия сэриилэригэр ситиһиилээхтик кимэн киириилэрин бэлиэтииллэр.
🔹 1258 — Хулагу хаан монгуоллара ислам эйгэтин сүрүн куоратын Багдады сэриилээн ылбыттар. Багдад букатын урусхалламмыт уонна хас эмэ үйэ тухары чөлүгэр түспэтэх. Манан ислам Көмүс үйэтэ түмүктэммит.
🔹 1846 — Аангылыйа уонна сикхтэр ыккардыларынааҕы бастакы сэрии: Собраон аттынааҕы тиһэх кыргыһыыга Ост-Ииндийэ хампаанньатын аармыйата Пенджаб аармыйатын кыайбыт.
🔹 1928 — Конфедералистар хамсааһыннарын силиэстийэлии БКП(б) Киин Кэмитиэтин анал хамыыһыйата сыарҕанан Дьокуускайга кэлбит. Хамыыһыйаҕа БКСК бэрэстээтэлин солбуйааччы Ян Полуян уонна ОГПУ силиэдэбэтэллэрэ бааллар эбит. Бу хамыыһыйа кэлбитин кэннэ саха бастыҥ дьонугар ыар күннэр үүммүттэрэ. Сиһилии.
🔹 1930 — Арҕаа Хаҥалас уонна Нам улуустара тэриллибиттэр, ону кытары Мэҥэ уонна Илин Хаҥалас улуустара холбоhууларыттан Мэҥэ-Хаҥалас улууһа тэриллибит.
🔹 1935 — Бүлүү улууһуттан араарыллан Үөһээ Бүлүү улууһа хат тэриллибит.
🔹 1947 — Аан дойду иккис сэриитигэр хотторбут Италия, Румыния, Венгрия, Болгария, Финляндия биир өттүттэн уонна кыайыылаах тахсыбыт сойуустаахтар – иккис өттүттэн – Парижтааҕы эйэ сөбүлэҥнэригэр илии баттаабыттар. Бу сөбүлэҥнэринэн хотторбут дойдулар тутулуга суох буолаллара уонна Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэригэр киирэллэрэ бигэргэтиллибит, элбэх репарация төлөөбүттэр.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1930 — Иван Спиридонов (29.03.2003 өлб.) — литературовед, литэрэтиирэни ырытааччы, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата, Дьокуускай куоратын ытык киһитэ (1999).
▫️1935 — Иван Жараев — бастакы «Күн Дьөһөгөй» киинэ күрэһин лауреата, Арассыыйа бочуоттаах кинематографииһа, РСФСР уонна СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ.
▫️1938 — Владимир Ларионов — саха биллиилээх учуонайа, 1986—2004 сылларга Хоту дойду физико-техническэй кыһалҕаларын Институтун дириэктэрэ, сахаттан бастакы Арассыыйа билимнэрин Академиятын академига (1997), техника билимин дуоктара, профессор.
1945 — Аиза Решетникова — пианист, биллиилээх муусука диэйэтэлэ, Дьокуускайга баар Саха сирин омуктарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин дириэктэрэ.
▫️1958 — Алиш Мамедов — 1989 сыллаахтан «Якутцемент» (Мохсоҕоллоохтооҕу цемент собуота) генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн IV, V, VI ыҥырыыларын дьокутаата. Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2001).
Өлбүттэр:
▫️1942 — Егор Мыреев — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, 65 ахсааннаах бэргэн ытааччы, бэргэн ытааччылар уһуйааччылара. 1940 сыллаахха Ленинградтааҕы театральнай институкка үөрэнэ барбыт уонна онтон сэриигэ ыҥырыллыбыт. Кини аата Ленскэй улууһун Бэтинчэ орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ. Бэтинчэ ытык киһитэ.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр: https://sah.wikipedia.org/wiki/олунньу_10
📌 Сурутуҥ https://t.me/biikige
Wikipedia
Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ
Холбоһуктаах наассыйалар тэрилтэлэрэ, кылгастык ХНТ (United Nations) диэн иллэр ыккардыларынааҕы сыһыаннары тупсарарга, аан дойдуга эйэни тутуһарга уонна сэриини суох оҥорууну ситиһэргэ олохтоммут омуктар ыккардыларынааҕы тэрилтэ. Салаллар тосхоллорун уонна…
Бүтэһик аахпыт кинигэм:
Anonymous Poll
67%
Уус-уран проза
15%
Хоһоон
4%
Нон-фикшн
13%
Атын (комикс, ойуу-кинигэ уо.д.а.)
Олунньу 11 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🔸 ХНТ — Билиминэн дьарыктанар дьахталлар уонна кыргыттар дойдулар ардыларынааҕы күннэрэ
🔸 Аан дойдутааҕы ыарыһах күнэ
🔸 Азербайджан — Нолуок сулууспатын үлэһиттэрин күнэ
🔸 АХШ — Айааччы национальнай күнэ
🔸 Камерун — Ыччат күнэ
🔸 Либерия — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
🔸 Пилипиин — Эвелио Хавьер күнэ
🔸 ЕС — 112 суһал нүөмэр күнэ
🔸 Япония — Ил олохтоммут күнэ
🔸 Былыргы славяннарга — Велес Улуу күнэ, кыһын ортото (сороҕор олунньу 24 күнүгэр бэлиэтэнэр). Бу славяннар христианствоны ылына иликтэринэ итэҕэйэр таҥараларыттан биирдэстэрэ, Явь (дьиҥ эйгэ) уонна Навь (хараҥа, күлүк эйгэ) ыккардыларынан сылдьар кыахтаах дииллэрэ. Ырыаһыттары, хоһоонньуттары, аптаах-хомуһуннаах дьону араҥаччылыыр, ону таһынан ынах сүөһү таҥарата.
🔹 Б.э.и. 660 сыл — Дьоппуон бастакы импэрээтэрэ Дзимму ил тэрийбит. Кини олохтообут дьынаастыйата билигин даҕаны Японияҕа бүрүстүөлгэ олорор.
🔹 951 — Го Вэй диэн чунуобунньук Хойукку Чжоуга (Хотугу Кытай) күүһүнэн былааска кэлбит, импэрээтэринэн биллэриммит.
🔹 1697 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I табаҕы атыылыыры көҥүллээбит.
🔹 1775 (урукку истиилинэн тохсунньу 31) — Иркутскай-Дьокуускай траагын Саха сиринээҕи өттүн икки учаастакка араарбыттар: Битиимтэн Өлүөхүмэҕэ диэри уонна Өлүөхүмэттэн Дьокуускайга диэри. Хас биирдии учаастакка туспа көрөөччү (смотритель) ананар буолбут.
🔹 1809 — Америка айааччыта Роберт Фултон борохуоту патыаннаабыт.
🔹 1979 — Ирааҥҥа өрөбөлүүссүйэ түмүгэр ислам теократията олохтоммут, былааска аятолла Рухолла Хомейни кэлбит.
🔹 1990 — Соҕуруу Африкаҕа дьон бырааптарын туһугар турууласпыт актыбыыс Нельсон Мандела түрмэ хаайыытыттан 27 сыл буолан баран босхоломмут. Сотору кэминэн кини Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта.
🔹 1997 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү уордьана «Хотугу сулус» уордьан Ил Түмэн ПП 418-I нүөмэрдээх уурааҕынан олохтоммут.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1929 — Валентин Луковцев — бэрэпиэссэр, бөлөһүөпүйэ дуоктара.
▫️1944 — Василий Бочкарёв — саха скульптора, суруналыыс, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилилиэнэ, СӨ норуодунай худуоһунньуга.
▫️1981 — Георгий Куркутов — саха бэлиитигэ.
Өлбүттэр:
▫️2010 — Роман Дмитриев — көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ (1972 Мюнхен) уонна үрүҥ көмүс призера (1976 Монреаль), норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, ССРС үтүөлээх тренерэ, Дьокуускай куоратын (1969) уонна Бүлүү улууһун Ытык олохтооҕо, «Хотугу сулус» уордьан кавалера (2006).
▫️2017 — Гурий Турантаев — тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, норуот мэдиссиинэтин маҕыыстыра, Уус-Алдан улууһун (2001) уонна Бээрийэ нэһилиэгин Ытык олохтооҕо.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр: https://sah.wikipedia.org/wiki/олунньу_11
📌 Сурутуҥ https://t.me/biikige
Wikipedia
Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ
Холбоһуктаах наассыйалар тэрилтэлэрэ, кылгастык ХНТ (United Nations) диэн иллэр ыккардыларынааҕы сыһыаннары тупсарарга, аан дойдуга эйэни тутуһарга уонна сэриини суох оҥорууну ситиһэргэ олохтоммут омуктар ыккардыларынааҕы тэрилтэ. Салаллар тосхоллорун уонна…
Дьон бэйэтин сахалыы аатын (псевдонимын) докумуоҥҥа киллэриэхтээх дуо?
Биири тал.
Биири тал.
Anonymous Poll
28%
Аатын уларытан ол оннугар ааттанара ордук
16%
Урукку аатыгар эбэн сурунара ордук
54%
Дьоно ааттаабыт ааттарын уларыппата ордук, сахалыы аатын докумуоҥҥа да киллэрбэккэ туттуон сөп
2%
Атын санаалаахпын, ырытыыга суруйуом
Олунньу 12 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🔸 Саха халандаарыгар "Дьыл оҕуһун иккис муоһа тостон" (сорох сиргэ бастакы муоһа тостор дииллэр), тымныы кылаана сынтарыйар, өргөһө мүлүрүйэр.
🔸 Дарвин күнэ
🔸 ХНТ — Кыһыл Илии күнэ (Оҕо саллааттары туһаныыны утарыы дойдулар ардыларынааҕы күнэ)
🔸 АХШ — Ыал буолуу көҥүлүн национальнай күнэ
🔸 АХШ — Линкольн төрөөбүт күнэ
🔸 Венесуэла — Ыччат күнэ
🔸 Джорджия (АХШ) — Джорджия күнэ
🔸 Мьянма — Сомоҕолоһуу күнэ
🔸 Таджикистан — Душанбеҕа 1990 сыл олунньу 12-14 күннэригэр буолбут дьалхааҥҥа өлбүт дьон кэриэстэбиллэрин күнэ.
🔹 1593 — Дьоппуоннар Кэриэйэҕэ саба түһүүлэрэ: Квон Юл баһылыктаах кырачаан Хэнджу кириэппэскэ хатанан олорор 2800 кэриэй саллааттара уонна ополченецтара 30 000 тахса киһилээх дьоппуон сэриитин үлтүрүппүттэр. Дьоппуоннар 10 тыһыынча кэриҥэ киһилэрин сүтэрбиттэр, хас да генераллара бааһырбыт. Бу кыайыы 7 сыллаах сэриигэ кэриэйдэр үс бөдөҥ кыайыыларыттан биирдэстэрэ этэ.
🔹 1825 — Крик биис уустара Джорджиятааҕы бүтэһик сирдэрин Индиан-Спрингс сөбүлэҥин түһэрсэн АХШ бырабыыталыстыбатыгар туран биэрбиттэр уонна арҕаа сирдэргэ (билиҥҥи Оклахома штаата) көспүттэр.
🔹 1912 — Кытай бүтэһик импэрээтэрэ 6 саастаах Сюаньтун (Пу И) бүрүстүөлүттэн батыммыт. Кэлин Аан дойду иккис сэриитин саҕана дьоппуоннар тэрийбит Манчжоу Го судаарыстыбаларын баһылыга буола сылдьыбыта.
🔹 1918 (эргэ истиилинэн тохсунньу 30) — Дьокуускайга Бастакы суһал ыҥырыылаах Саха уобалаһын земствотын мунньаҕа саҕаламмыт. Мунньахха уобалас бэйэтин салайыныытын, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын ырыппыттар. 35 гласнайтан 24-э кэлбит, саха улуустарын бас-көс дьоно. Уобалас земскэй быраабата талыллыбыт: бэрэссэдээтэл — Василий Никифоров - Күлүмнүүр, чилиэннэрэ — Попов В.В., Памфил Осипов (Иноземцев), Петр Яковлев, П.Е. Баранов. Уобаластааҕы земство мунньаҕа Совнаркому киин былааһынан билиммэтэх, Петроград Саха уобалаһын салайыытыгар орооһорун утарбыт.
🔹 1958 — Кытайга Кэскилгэ баараҕай ойуу бэлиитикэтин иһинэн тыа хаһаайыстыбатыгар буортулаах үөннэри утары охсуһуу хампаанньата саҕаламмыт. Ол курдук күтэрдэри, бырдаҕы, сахсырҕаны уонна барабыайдары кыдыйарга быһаарыллыбыт. Бу хампаанньа кытай омугар ыар түмүктээх буолбута — 20-тэн 40 мөлүйүөҥҥэ диэри киһи өлбүтэ.
🔹 1974 — Александр Солженицын, 1970 сыллааҕы Нобель бириэмийэтин лауреата, Сэбиэскэй Сойуустан үүрүллүбүт.
🔹 1992 — Монголия билиҥҥи конституцията олоххо киирбит.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1809 — Чарлз Дарвин — эволюция түөрүйэтин айбыт Англия чулуу учуонайа, айылҕаны чинчийээччи, айанньыт.
▫️1809 — Авраам Линкольн — 1861—1865 сылларга АХШ 16-с бэрэсидьиэнэ. Кини кэмигэр АХШ Гражданскай сэриитэ буолбута. Линкольн АХШ-га кулуттааһыны утарбыта, ол иһин "Улуу босхолооччу" диэн ааттаммыта.
▫️1833 — Александр Чекановскай — нуучча геолога, палеонтолог, Сибиири чинчийээччи.
▫️1898 — Исидор Барахов (Иванов) — Саха АССР төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, XX үйэ саҕаланыытыгар үлэлээбит биллиилээх судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл.
▫️1900 — Арвед Паулин — Саха АССР үрдүкү салататыгар өр сылларга үлэлээбит Латвияттан төрүттээх бассабыык, Дьокуускай куоратын Ытык олохтооҕо (2000).
▫️1917 — Кирилл Попов — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитэ, Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, разведчик, отделение хамандыыра.
▫️1934 — Будимир Слепцов — 2005 сыллаахтан СӨ Бэтэрээннэрин Сүбэтин бэрэстээтэлэ, 1992-1997 сылларга СӨ Бэрэсидьиэнин, Бырабыыталыстыбатын дьыалаларын дьаһайааччыта. «Хотугу сулус» уордьан кавалера (2002), Абый улууһун Ытык олохтооҕо.
Өлбүттэр:
▫️1804 — Иммануил Кант — ниэмэс улуу бөлөһүөгэ. Кенигсберг куоракка төрөөбүтэ, олорбута уонна өлбүтэ (билиҥҥи Калининград)
▫️1856 — Николай Лобачевскай — нуучча математига, неевклидовай геометрия айааччыларыттан биирдэстэрэ, университет үөрэҕириитин уонна дьону сырдатыы диэйэтэлэ.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр: https://sah.wikipedia.org/wiki/олунньу_12
📌 Сурутуҥ https://t.me/biikige
Wikipedia
Чарлз Дарвин
Чарлз Ро́берт Да́рвин (ааҥл. Charles Robert Darwin; 1809–1882) — эволюция теориятын айбыт Англия чулуу учуонайа, натуралист, айанньыт.
Олунньу 13 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🔸 Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Ийэ тыл күнэ. 1996 сыллаахтан бэлиэтэнэр.
🔸 ЮНЕСКО — Араадьыйа аан дойдутааҕы күнэ
🔸 Армения — Терендез
🔸 Мьянма — Оҕо-аймах күнэ.
🔹 1241 — Байдаар баһылыктаах монгуоллар этэрээттэрэ Краков бойобуодата баһылыктаах поляк рыцардарын уонна ополчениены Турско-Вельке сэлиэнньэ анныгар үлтүрүппүт.
🔹 1890 (урукку истиилинэн олунньу 1) — Дүпсүн улууһугар сыаркап приходун оскуолата аһыллыбыт.
🔹 1913 — 13-с Далай-лаама Тибиэт Манчжуурдар динаастияларыттан тутулуга суоҕун туһунан биллэрбит. Бу кэнниттэн Тибиэт 40-ча сыл тутулуга суох дойду быһыытынан олорбута.
🔹 1921 — Орто Халымаҕа I Халыматааҕы уезднай ревкомнар сийиэстэрэ буолбут, олунньу 16 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэскэ булт-балык тэрээһинэ, үүт фермаларын тэрийии, электростанция, мас эрбиир уонна кирпииччэ собуоттарын, балыыһалар тутуулара ырытыллыбыттар.
🔹 1923 — Иван Строд кыһыл этэрээтэ Амма өрүһүн хочотугар киирэн Саһыл Сыһыы диэн сиргэ үрүҥнэри кытары кыргыспыт. Аатырбыт 18 хонуктаах Саһыл Сыһыы көмүскээһинэ саҕаламмыт.
🔹 1956 — Антарктидаҕа «Мирнэй» диэн сэбиэскэй станция үлэтин саҕалаабыт. Манна кэлин саха гляциолог учуонайа Николашкин үлэлээбитэ.
🔹 1984 — ССКП КК Генеральнай сэкиритээринэн Константин Черненко талыллыбыт. Кини бу солоҕо биир сыл кэриҥэ 1985 сыл кулун тутар 10 күнүгэр диэри олорбута. Төрдүгэр сахалар бааллар үһү диэн үһүйээн баарын санатабыт.
🔹 2023
▫️"Сахалыы" диэн ааттаах саха тылын саҥа үөрэтэн эрээччилэргэ анаммыт төлөпүөҥҥэ туруоруллар сэмсэни ааптардар Лилия уонна Ньургун Бэчигэннэр көрдөрбүттэр[1].
▫️Ил Дархан Айсен Николаев "Барҕарыы" пуондата тылы өйүүр тэрээһиннэри үбүлүөн сөбүн туһунан эппит.
▫️Яна Байгожаева өйүгүнэн Виктор Лебедев үбүлээн "Саха тылын туруулаһыытын иһин" түмэт бириэмийэ (Ҥ дорҕоон бэлиэтэ) туттарыллыбыт — Куорсуннаахха, Санаайаҕа, Анатолий Бурнашевка.
▫️Сунтаар улууһугар Төрүт тыл сылын биллэрбиттэр. Муус устарга тылга сыһыаннаах улуустааҕы улахан сугулааны ыыппыттар.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1892 — Семен Новгородов — саха бастакы учуонай-лингивииһэ, саха норуотун үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн оруоллаах, сахалыы маассабай суругу-бичиги айбыт киһи, сахалыы бастакы букубаардар ааптардара. Кылгас кэмҥэ «Саха аймах» уопсастыба бэрэстээтэлэ. Кини аатын "Бичик" кинигэ кыһата уонна Чурапчы орто оскуолата сүгэллэр.
▫️1915 — Захар Саввин — 1950-1969 сылларга Саха АССР үөрэҕириитин миниистирэ, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала, Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕа.
▫️1929 — Алексей Шадрин — 1997—2002 сылларга Чурапчы улууһун баһылыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Чурапчы улууһун ытык киһитэ.
▫️1935 — Александр Захаров — Саха сирин үтүөлээх тутааччыта, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Амма улууһун уонна Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
▫️1936 — Василий Егоров — Тумарча — Саха норуодунай суруйааччыта, геолог, 1984–1991 сылларга "Хотугу сулус" сурунаал эрэдээктэрэ.
▫️1945 — Андрей Кобяков — суруйааччы, Кэбээйи улууһун Ытык киһитэ.
▫️1946 — Гавриил Адамов (Сайдам), учуутал, суруйааччы, түмэт дьайыксыт, СӨ үөрэҕин туйгуна[2].
Өлбүттэр:
▫️1993 — Иван Кульбертинов — аатырбыт снайпер, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, сэрии саамай бэргэн снайпердарыттан биирдэстэрэ (487 өстөөҕү кыдыйбыта ааҕыллыбыт).
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр: https://sah.wikipedia.org/wiki/олунньу_13
📌 Сурутуҥ https://t.me/biikige
Wikipedia
Саха Сирэ
Саха Сирэ, сорумдьу аата Саха Өрөспүүбүлүкэтэ (нууч. ) 1851 с. Иркутскай генерал-губернаторствотын Саха уобалаhа диэн ааттанан тэриллибитэ. Муус устар 27 күнүгэр 1922 с. Саха АССР тэриллибитэ. Ахсынньы 28 күнүгэр 1991 с. Саха ССР, 1992 с. кулун тутар 27…
Саха тыла.pdf
1 MB
Сандаара Кулаковская төрөппүттэргэ аналлаах дьэрэкээн ойуулардаах үчүгэй баҕайы быһаарыы оҥорбут:
Саха тылын билэр туох туһалааҕый?
Нууччалыы. Бу мантын биһирээтибит. Тоҕо диэтэххэ ордук нууччалыы тыллаах саха төрөппүттэрэ бу ыйытыыга мунаахсыйаллар, хайдах хоруйдуохтарын билбэттэр.
Аймах-билэ дьоҥҥутунан тарҕатыҥ.
Саха тылын билэр туох туһалааҕый?
Нууччалыы. Бу мантын биһирээтибит. Тоҕо диэтэххэ ордук нууччалыы тыллаах саха төрөппүттэрэ бу ыйытыыга мунаахсыйаллар, хайдах хоруйдуохтарын билбэттэр.
Аймах-билэ дьоҥҥутунан тарҕатыҥ.
Бүгүҥҥү тэрээһиннэртэн:
Лекция "Якутский язык в цифровом пространстве"
13.02.2024 в 12 часов
в зале 1 музея на 2 этаже Института гуманитарных исследований и проблем малочисленных народов РС(Я).
Онлайн эмиэ истиэххэ сөп.
Лекция "Якутский язык в цифровом пространстве"
13.02.2024 в 12 часов
в зале 1 музея на 2 этаже Института гуманитарных исследований и проблем малочисленных народов РС(Я).
Онлайн эмиэ истиэххэ сөп.
Олунньу 14 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🔸 Тапталлаахтар күннэрэ
🔸 Кинигэ бэлэхтэһии аан дойдутааҕы күнэ
🔸 Аризона (АХШ) — Судаарыстыбаннас күнэ
🔸 Орегон (АХШ) — Судаарыстыбаннас күнэ. Штааттар эмиэ судаарыстыбаннастарын күнүн бэлиэтииллэр эбит диэн дьиктиргиэххэ сөп.
🔸 Ииндийэ (сорох сирдэрэ) — Төрөппүттэргэ сүгүрүйүү күнэ (Матру Питру Пуджан Дивас). 2007 сылтан арҕаа култууралар сүүрээннэригэр утары туруу курдук биир куоракка бэлиэтээбиттэрэ, кэлин элбэх штаат иилэ хабан ылан бэлиэтиир буолбута.
🔹 1530 — Нуньо де Гусман баһылыктаах Испания конкистадордара Тангашуан II диэн ыраахтааҕыны бүрүстүөлүттэн суулларбыттар уонна өлөрбүттэр. Бу Ирекекуа (Иречеква) диэн бөдөҥ дойду Киин Миэксикэҕэ бүтэһик тутулуга суох дойду этэ. Аармыйата 100 тыһыынчаҕа тиийэрэ, ол эрээри быһаарыылаах кэмҥэ 1522 сыллаахха сэриилэһэртэн батыммыттара, ыраахтааҕылара өлүөн иннинэ 8 сыл тухары испанецтарга түһээн төлүү олорбуттара.
🔹 1918 — Арассыыйа Григориан халандаарыгар көспүт. Тохсунньу 31 күнүн кэнниттэн олунньу 14 күнэ буолбут.
🔹 1919 — Сэбиэскэй Арассыыйа уонна Польша Иккис өрөспүүбүлүкэтин ыккардыларыгар сэрии саҕаламмыт. Ленин өрөбөлүүссүйэни Европаҕа тарҕатар былааннаах ньиэмэстэр босхолообут сирдэригэр кимэн киирбитэ, оттон Пилсудскай баһылыктаах поляктар Польшаны урукку кыраныыссаларынан сөргүтэр былааннаахтара. Сэрии 1921 сыллаахха кулун тутар 18 күнүгэр Украина уонна Белорусия сирдэрин аҥаардааһынынан түмүктэммитэ.
🔹 1924 — Былатыан Ойуунускай «Кыһыл ойуун» поэматын бүтэрбит.
🔹 1956 — ССКП XX сийиэһэ саҕаламмыт. Бу сийиэскэ улахан уларыйыылар торумнаммыттара: Иосиф Сталин алҕастара сараламмыта, социализм капитализмы кытта эйэлээхтик олоруон сөбө этиллибитэ, дойдулар социализмҥа эгэлгэ суолунан тиийиэхтэрин сөбө этиллибитэ, идеология олохтон арахсара сатамматын уонна догматизм суох буолуохтааҕын туһунан этиллибитэ.
🔹 2001 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын "Сахалыы таба суруйуу сиэрин туһунан" 83 №-дээх уурааҕа тахсыбыт. Онтон 2015 сыл ахсынньы 22 күнүнээҕи бырабыыталыстыба 501 №-дээх уурааҕынан саҥа таба суруйуу сиэрэ тахсыбыта.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1943 — суруйааччы, экэниэмикэ билимин дуоктара Василий Дарбасов-Дабаччыма төрөөбүт.
▫️1950 — Петр Захаров — Медиссиинэ Киинин кардиохирургияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2004), мэдиссиинэ билимин дуоктара.
▫️1953 — Николай Ижендей — чувааш суруйааччыта.
Өлбүттэр:
▫️1995 — Огдуо Аксенова — дулгаан бэйиэтэ, дулгаан литэрэтиирэтин төрүттээччитэ.
▫️2016 - Харлампий Луковцев, суруйааччы, суруналыыс, СӨ үтүөлээх учуутала.
▫️2018 — Тарас Десяткин — геолог идэлээх, «Якутзолото» тэрилтэни өр сылларга салайбыт киһи. Социалистыы Үлэ Дьоруойа, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан икки төгүллээх кавалера (1969, 1981), Ленин уордьанын икки төгүллээх кавалера (1971, 1976). Алдан улууһун, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун (1998) уонна Дьокуускай куоратын (2013) Ытык киһитэ.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр: https://sah.wikipedia.org/wiki/олунньу_14
📌 Сурутуҥ https://t.me/biikige
Wikipedia
Олунньу 14
Олунньу 14 диэн Григориан халандаарыгар сыл 45-с күнэ. Сыл бүтүө 320 күн (ордук хонуктаах сылга 321 күн) баар.
Forwarded from Halan Chuekke
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн дулгаан суруйааччыта Огдо Аксенованы ахтан ааһар күн.
Бэҕэһээ Ийэ тыл күнүгэр кини хоһооно Дьокуускайга сыанаттан иһиллибитэ. Быһа тардыыны истиҥ.
Бэҕэһээ Ийэ тыл күнүгэр кини хоһооно Дьокуускайга сыанаттан иһиллибитэ. Быһа тардыыны истиҥ.
Тапталлаахтар күннэрин бэлиэтиигин дуо?
Anonymous Poll
13%
Суох, тапталлааҕым билиҥҥитэ суох буолан
48%
Суох, бырааһынньык дии санаабаппын!
2%
Суох, умнан кэбиспиппин
3%
Бэлиэтээн бөҕө буоллаҕа! Уонна таптыыр киһибиттэн хайаан да бэлэх кэтэһэбин
35%
Кыратык, суолтатыгар эрэ бэлиэтиибит, күлсэн, хаадьылаһан ылабыт
Forwarded from #САХАТЫЛА400
❤️ Тапталлаахтар күннэрин көрсө "Саха тыла 400" хамсааһын ойуулары бэлэмнээтэ
Чугас дьоҥҥутугар нарын, истиҥ тыллары этиҥ, тапталгытыгар сахалыы билиниҥ ❤️❤️❤️
Өйүк - Аполлинария Дегтярёва
Ааптар - Саргылана Ноева
Ойууһут - Михаил Чекуров
Сүрүннээччи - Яна Угарова
Чугас дьоҥҥутугар нарын, истиҥ тыллары этиҥ, тапталгытыгар сахалыы билиниҥ ❤️❤️❤️
Өйүк - Аполлинария Дегтярёва
Ааптар - Саргылана Ноева
Ойууһут - Михаил Чекуров
Сүрүннээччи - Яна Угарова